Оҕуруот аһа үүнүүтүн хайдах уһатабыт?
Күһүммүт кэлэн, түүн быр-быр тымныылар кыралаан саҕаланнылар.
Оҕуруоппут аһын күһүҥҥү күнүскү сылаастарга хайдах ситэри туруоран хахтарын хаҕылата түһэбит уонна хайдах хаһаанабыт диэн ыйытыы мэлдьитин турар.
Хаппыыста
Хаппыыста улахан тымныы хаарыйа илигинэ хомуллара ордук, онтон кыра түүҥҥү тымныыга кини улаханнык наадыйбат. Уу кутулларын тохтотоҕут, сэбирдэхтэрэ кытааталлар. Онтон түүҥҥү кыра тымныыларга киэһээ лутрасилынан сабыахха сөп. Эбэтэр саамай алларааҥы улахан сэбирдэхтэрин тоноон ылан, үөһээ сүрэҕин сабабын, тоҕо диэтэххэ, үөһээ өттө түргэнник үлүйүмтүө. Күнүс эмиэ оннук хаалларабын.
Моркуоп
Моркуоп угун быһан, төбөтүгэр 3 см курдук кырыйталаан үнүгэс хааллараҕыт уонна эбии буор кутан саба түһэҕит. Оннук буордаах «төрөөбүт сиригэр» сытан кини эбии улаатар, хаҕа хортуоска курдук халыҥыыр. Онуоха моркуоп бэйэ-бэйэтигэр силбэһэ сытара наадата суох, ол иһин сорох икки ардын туура тардан, билигин күһүҥҥү аһылыктарга туттар үчүгэй. Маннык дьаһаныллыбыт моркуоп улахан тымныы түһүөр диэри сир анныгар үчүгэйдик үүнэ сытар.
Онтон күһүн хойутуу хостоон, күннээх күн куурдан баран куулга угабын уонна үүммүт кирээдэтигэр бааһынаҕа дьаама хаһабын, аллараа дьаамаҕа куул айаҕын аһаҕас хаалларан буорунан көмөбүн. Бу куулбут алтынньы 20-гэр диэри дьаамаҕа сип-сибиэһэй хараллан сытар. Хостоон ылан аны дьиэҕэ харайабыт, саас муус устарга диэри сип-сибиэһэй бэйэ моркуобун сиибит.
Сүбүөкүлэ
Сүбүөкүлэ кыра да тоҥорууну сөбүлээбэт. Ол иһин, тоҥоруулар иннилэринэ эрдэ хомуллар. Моркуоп курдук эмиэ куул айаҕын аһаҕас хаалларан, бааһынаҕа көмүөххэ сөп. Ол эрээри, отун угун кыраны да хаалларбакка сэрэнэн этигэр диэри быһыллар. Уга кыра да хааллаҕына түргэнник буортуйар, түүнүгүрэр, ол иһин ыраастык быһыллыахтаах.
Бааһыната суох даачалаах дьон моркуобу, сүбүөкүлэни тэпилииссэ иһинээҕи хоппоҕо эбэтэр даачаҕытыгар үрдүк кирээккэлэргитигэр көмөн хаалларыаххытын сөп.
Хортуоска
Хортуоска билигин саамай хаҕа кытаатар кэмэ.
Ол иһин хостуоххут иннинэ отун эрдэттэн быһар ыраастыаххытын сөп. Хортуоска сиргэ сытан эмиэ хаҕа халыҥыыр, өр хараллар, хостуургутугар үлэтэ чэпчиир.
Хортуоска угун доруобайын көрөн сорох уктарын хааллардаххытына, бу уктар күҥҥэ хаталлар. Хортуоска уга иһэ көҥдөй буолар. Саас эбэтэр күһүн бааһынаҕытын хоруттардаххытына, уга сиргэ аҥаара тимирэн, салгын киирэн оонньоон буоргут тупсар, тыынар.
Агафья ТАРАСОВА, уопуттаах оҕуруоччут
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: