Оҕуруот аһын базатыгар сыана хайдаҕый?

Share

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Труд уулуссаҕа баар оҕуруот аһын, фруктаны атыылыыр базаларга сылдьан, сыаналарын көрдүбүт.  Куорат үгүс маҕаһыыннара кууһунан атыылыыр базалартан оҕуруот аһын,  фруктаны  атыылаһан баран,  сыанатын арыый эбэн атыыллыыллар. 

Билигин ордук дьон  оҕурсуну,  помидору,  луугу,  хортуоппуйу,  клубниканы, черешняны, абрикоһу,  персигы атыылаһалларын бэлиэтии көрдүбүт. Сыаналарын көрдөххө, куорат маҕаһыыннарынааҕар сыаналара быдан чэпчэки  эбит.

Холобур, Жатай оҕурсутун  киилэтин – 250 солк.,  өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалыллыбыты  – 170 солк. атыылыыллар. Помидор киилэтэ – 250 солк., луук – 70 солк., хортуоппуй – 80 солк.,  хаппыыста  – 85 солк., черешня  – 400 солк., абрикос – 280 солк., нектарин – 300 солк., виноград – 350 солк.

Нарыйаана Ушатова хаартыскалара
Нарыйаана Ушатова хаартыската

Диана Новгородова, Нарыйаана Ушатова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago