Сыымахтар минньигэс мүөтүнэн күндүлүөхтэрэ

Сыымахтар минньигэс мүөтүнэн күндүлүөхтэрэ

Ааптар:
09.08.2023, 20:57
Бөлөххө киир:

Удмуртияттан 250 ыҥырыаны  Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха мүөтү оҥоруунан дьарыктанарга анаан аҕалбыттар.

Бу мүөтү оҥорон таһаарыынан дьарыктанар киин бырайыагынан ыытыллар. Маныаха мүөттээх ыҥырыаларынан дьарыктанар бырааттыы Сапаевтар (Удмуртия) дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөргө анаан эрдэттэн бэлэмнэммиттэр. Бырайыак кыттыылаахтара Саха сиригэр оҥорон таһаарыыны сайыннарыы тыа хаһаайыстыбатыгар көрдөрүүнү улаатыннарар, экэниэмикэҕэ оруоллаах буолуон сөп диэн эрэнэллэр.

Саха сиригэр мүөттээх ыҥырыаларынан дьарыктаныы

Сайыҥҥы кэмҥэ араас от-мас үүнүүтэ уонна итии күн-дьыл  туруута бу хайысханан дьарыктанааччыларга тирэх буолуон сөп. Ол курдук, 30 кыраадыстан үөһэ куйааска сүүһүнэн араас үүнээйигэ минньигэс симэһин мунньуллар, ол ыҥырыаларга туһалааҕа бэлиэтэнэр.

«Ыҥырыалар иллээхтэр. Ол аата, бу сири сөбүлээбиттэр. Эспиэрдэр Касатка уонна Бакфас диэн икки көрүҥ ыҥырыалары аҕалбыттара.  Бу ыҥырыалар маннааҕы усулуобуйаҕа төһө үөрэнэллэрин көрүөхтэрэ«, — диэн кэпсиир бу хамсааһыны көҕүлээбит, СӨ Ил Дархан иһинэн туруктаах буолууга уонна тирэхтээх сайдыыга сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаева.

Удмуртияттан кэлбит мүөттээх ыҥырыанан дьарыктанар бырааттыы Сапаевтар турунан бэлэмнэммиттэр. Кинилэр Саха сиригэр мүөттээх ыҥырыанан дьарыктанарга, мүөтү оҥорон таһаарарга үлэлэһэр киин пилотнай бырайыагар кытталлар. Ол иһин манна икки нэдиэлэ анараа өттүгэр кэлбиттэр.
«Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэҕи атастаһар улахан суолталаах. Үлэбинэн билбиппин-көрбүппүн атыттарга тиэрдэр, ыҥырыалар тустарынан хайдах кыстыылларыгар тиийэ сырдатар, көрдөрөр хайаан да наада. Бу хайысханан дьарыктаныан баҕалаахтары кытары тугу билбиппин-көрбүппүн үллэстэргэ бэлэммин«, — диэн этэр эспиэр Николай Сапаев.

«Киһи доруобуйата ас-үөл хаачыстыбатыттан эмиэ тутулуктаах. Онон иҥэмтиэлээх, сибиэһэй аһы-үөлү миэстэтигэр оҥорон таһаарыы элбиирэ, дьон-сэргэ туругар эмиэ дьайыа«, — диэн Людмила Николаева санаатын үллэһиннэ.

Урбаанньыттары өйөөһүн
«Инвестицияны тардыыга уонна экспорты өйөөһүҥҥэ ааҕыныстыба быһыытынан, биһиги бары өттүнэн өйөбүлү оҥоробут. Урбаанньыт дьыалатын саҕалыырыгар, биисинэс-былааны оҥороругар, ылсыбыт дьыалатын сайыннарарыгар о.д.а. сүбэ-ама биэрэбит. Мүөттээх ыҥырыанан дьарыктаныы Саха сиригэр кэскиллээх дии саныыбыт«, — диэн инвестицияны тардыыга уонна экспорты өйөөһүҥҥэ ааҕыныстыбаны салайар Анна Стручкова бэлиэтиир.

«Биһиги урбаан хайысхатыгар, сыалларын-соруктарын толороллоругар займ биэрэбит. Холобур, Николай Сапаев АПК сайыннарыыга кирэдьиит ылла. Биһиги бырайыак сайдыытын кэскилин көрөбүт«, — диир СӨ Урбааны сайыннарыы пуондатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Андрей Миронов.

Мүөтү оҥорууга эрэгийиэннээҕи киин тирэх пууннарынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун үс сэлиэнньэтэ буолла. Манна Сыымах, Өлөчөй уонна Бөтүҥ, ону сэргэ Амма улууһуттан Сатаҕай бааллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: