Бүгүн, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, Дьокуускай куоракка дьиэ кэргэнинэн төрүт оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ Дьааҥыттан, Намтан, Хаҥаластан, Тааттаттан, Дьокуускайтан 5 ыал кыттыыны ылла. Таатта улууһун чиэһин Гаврил, Екатерина, Айыына Вырдылиннар көмүскээтилэр. Бу туһунан ыал аҕата Гаврил Вырдылин санаатын маннык үллэһиннэ:
— Быйыл дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан, төрөөбүт Тааттабытыгар өссө биир ситиһиини аҕалбыппытынан киэн туттабыт. Уопсай түмүккэ 22 очко ылан бастаатыбыт. Тэрийээччилэр: «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаата, Дьокуускай куорат Строительнай уокуругун салалтата уонна СӨ Төрүт ох саанан ытыы федерацията күрэхтэһии балаһыанньатын үс нэдиэлэ анараа өттүгэр ыыппыттара. Биһиги дьиэ кэргэн ох саанан ытыынан дьарыктаммыппыт сылтан орто. Успуорт бу көрүҥүн саҥа баһылаатыбыт. Улууспутугар Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэ таарыйа, ыытыллар күрэхтэһиилэргэ барытыгар кыттан иһэбит. Тириэньэрбит — улуустааҕы успуорт кэмитиэтин ох сааҕа тириэньэрэ Галина Павлова. Кини маастар-кылаас тэрийбитигэр сылдьан баран, бэркэ кэрэхсээбиппит. Быйыл сайын Чычымахха «дьаам» турбаазаҕа Олег Үчүгээйэп кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр бастакы сүрэхтэниибитин ааспыппыт. Онно 160-тан тахса киһи кэлэн кыттыбыта. Бу көрүҥҥэ кэргэним угуйбута. Мин бэйэм гиревик буоллаҕым. Онтон дьарыктанан баран, ыллардыбыт диэххэ сөп. Өбүгэ төрүт дьарыга буолан, саха киһитигэр хааныгар баар, сыстар дьарыга эбит. Онон кыыспытын Айыынаны эмиэ кытыннаран, дьиэбитигэр кыайыы көтөллөнөн Таатталаан эрэбит. Оҕобут биэс куобахтан үһүн табан, кыайыыны аҕалла. Айыына Ытык Күөл орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ. Икки эрэ күн бэлэмнэнээт кэлбитэ. Хата, тустаах балаһыанньаҕа түбэһэн иһэринэн, абыраата. «12 сааһыттан үөһээ» диэн ирдэнэр буолан, сааһынан кытыннаран иһэбит.
Вырдылиннар ааспыт өрөбүллэргэ «Аҕабынаан бииргэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэннэр күрэстэригэр ситиһиилээхтик кыттан, эрэһиинэ оҥочонон наҕараадаламмыттара. Аны аҕыйах хоноот, ох саанан ытыы күрэхтэһиитигэр тэҥнээхтэрин булбатылар.
Бу курдук Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларын бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар ыал сыл бүтэһигэр диэри ботуччу мэтээлгэ, кубокка, бириискэ тиксэллэригэр баҕарабыт!
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…