Оһоҕос-куртах ыарыытын сэрэтии нэдиэлэтэ саҕаланна

Оһоҕос-куртах ыарыытын сэрэтии нэдиэлэтэ саҕаланна

12.02.2024, 16:18
Хаартыска: Уопсастыбаннай доруобуйа киинэ
Бөлөххө киир:

Олунньу 12-18 күннэригэр Саха сиригэр оһоҕос-куртах трагын ыарыытын  сэрэтии нэдиэлэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэ доруобуйатын  уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин ыарыы үөскүүр сүрүн төрүөттэрин быһаарда.

— Бүтүн Арассыыйатааҕы  диспансеризация түмүктэринэн, аһы буһарар органнар ыарыылара обургу оҕолор ыарыыларыгар иккис миэстэни ылар.

Ол сүрүн төрүөттэринэн буолаллар:

-Аһыырга эрэһиим тутуһуллубата;

-трансжирдарынан, саахарынан, кырааскалыыр биэссэстибэлэринэн уонна консерваннарынан  баай бородуукталарынан аһааһын.

Куртах-оһоҕос трагын ыарыыларын сэрэтэргэ бэйэ доруобуйатыгар кыра эрдэхтэн кыһаныы улахан суолталаах.

Гиподинамия (элбэхтик хамсаммат турукка киирии) уонна фастфуд олус тарҕанан, куртах-оһоҕос ыарыылара “эдэримсийдилэр”.

Куртах-оһоҕос трагын харыстааһын – эһиги доруобуйаҕытыгар уонна олоххут хаачыстыбатыгар кыһамньынан буоларын умнумаҥ. Ыарыыта суох уһун уонна көхтөөх олоҕу олорорго билиҥҥиттэн кыһаллыҥ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: