Оһох оттуллар – харчы көтө-көтө барар

Share

Тымныы кыһыннаах Саха сиригэр мууһунан-маһынан хааччыллыы тыын кыһалҕанан буолар. Онон бүгүн оттук мас боппуруоһугар туох кыһалҕа баарын тула кэпсэтиэхпит. 

Халлаан билиҥҥитэ сылаас турар эрээри, кэлэр кэлэн иһиэ­ҕэ. Онно сыл тахсар мас­таах дьон кыһалҕаны көрсүөхтэрэ суоҕа, оттон…

“Гаас киирэн, олохпут тупсуоҕа”

Бары билэрбит курдук, СӨ Ил Дархана, Бырабыы­талыстыбата гаастааһыҥҥа улахан үлэни ыыталлар. Онон тыа сиригэр гаастааһын бырагыраамата үчүгэйдик үлэлээтэҕинэ, уокка оттор маһы бэлэмнээһин, тиэйии кыһалҕатыттан босхолоноллорун маннык холобуртан көрүөххэ сөп.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан нэһилиэгэр быйыл күһүн “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Социальнай гаас­тааһын” бырагырааматынан ыаллар гааска холбоннулар. Балаҕан ыйыттан 90 ыал холбоммут. Онон барыта этэҥҥэ буоллаҕына,  өлөчөйдөр оттук кыһалҕата диэн тугун билиэхтэрэ суоҕа. Бу кыһын СӨ ситэриилээх былааһын нэһилиэн­ньэҕэ отчуотун кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниис­тирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин өлөчөйдөргө үлэни үчүгэйдик ыытан, күһүн киллэриэхпитин наада диэбитэ, туолбут.

Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николай Матчитов этэринэн, былырыыҥҥа диэри ыаллар сылга ортотунан 30-туу куб маһы оттубуттар, ол эбэтэр 2700-3000 куб маһы. Былырыыҥҥыттан тыраахтарынан биир бырысыап маһы киллэрии ырааҕыттан, чугаһыттан тутулуга суох сыаната 5 тыһ. солк. буолбут.

Дьон кыстыыр мастарын бэлэмнииллэригэр, ортотунан ыллахха, 15-20 лиитирэ уматыгы мас эрбииллэригэр тутталлара.

– Дьон кыстыыр мастарын бэлэмнииллэригэр, ортотунан ыллахха, 15-20 лиитирэ уматыгы мас эрбииллэригэр тутталлара. Ону тэҥэ биһиги курдук кырыымчык сирдээх нэһилиэккэ чугаһынан отторго сөптөөх мас да аҕыйаан испитэ. Сиэрдийэттэн эрэ улахан маһы кэрдэн сылдьыбыппыт. Чугас тыа бүтэн, дэлээнэ ыраатан испитэ. Дьэ, бу гаас киириэҕиттэн олохпут усулуобуйата быдан тупсуоҕа турдаҕа. Экология да өттүнэн ыллахха, – диэтэ баһылык Николай Егорович.

Нэһилиэк сүрүн исписэлии­һэ Татьяна Билюкина чопчулаабытынан, былырыын 20-чэ ыал “Субсидия ааҕыныстыбатын” нөҥүө оттук маска субсидиянан туһаммыт.

“Эр дьон оһоҕу маныыртан босхолонор”

Оттон гаас тиийбэт сиригэр кииннэммит ититиигэ көһүү эмиэ бу кыһалҕаттан босхолуурун туһунан эмиэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун  II Наахара нэһилиэгин баһылыга Петр Никитин этэр. Ол курдук, Хочо сэлиэнньэтигэр билиҥҥи туругунан нэһилиэк 80 быр. кииннэммит ититиигэ холбоммут. Ырааппыта 20-30 км сиргэ тиийэ дэлээнэлэр бааллар. Тиэйтэрии сыаната эмиэ былырыын Өлөчөйгө курдук, биир бырысыап 5000 солк. тиийбит.

– Кииннэммит ититиигэ киирэммит эр дьон оһох манаа­һыныттан босхолонон, атын сирдэргэ баахтанан да үлэлии бараллар. Уонна чугаһынан оттук маспыт да аҕыйаата. “Отопление киирэн”  экология­ҕа да хоромньу кыччаата. Мин толкуйдуурбунан, тыа дьонугар маннык ититэр ситимҥэ холбонуу эргиччи туһалаах, – диир Петр Петрович.

Буранынан тиэйэллэр

Уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ киирсэр Булуҥ улууһун Бороҕон нэһилиэгэр кииннэммит ититиигэ нэһи­лиэнньэ 30 бырыһыана холбоммут, о.э. 110 ыалтан 20 ыал эрэ. Ону тэҥэ 21-с үйэ да буоллар, балыыһа, кулууп курдук тутаах тэрилтэлэр эмиэ маһынан оттуналлар. Кыстыгы этэҥҥэ туоруур туһуттан биэнсийэлэрэ оттук маһы тиэйиигэ, ол эбэтэр бураан бэнсиинигэр, саппаас чааһыгар көтө турар. Олохтоохтор 50-70 км сиргэ мастаан кэлэллэр.  Лесничество быраабылатынан, биир киһиэ­хэ 30 куб маһы бэлэмниирэ көҥүллэнэр эбит. Холобура, кулууптара 500 куб маһынан кыстыыр буолан, бүддьүөккэ
2 мөл. солк. көрүллэр. Бороҕон тутаах тэрилтэлэрэ, ол иһигэр балыыһа, кулууп, бибилэтиэкэ, маҕаһыыннар бары маһынан оттуллаллара олус түбүктээх уонна эппиэтинэстээх үлэ эбит.

– Улуус кииниттэн 380 км тэйиччи олоробут. Хата, кыһын массыына суоллаахпыт, сайын үөһэнэн эрэ сырыы баар. Ыаллар бэлэмнээбит мастарын буранынан тиэйэллэр уонна тиэйтэрэллэр.  Дьиҥэ, дьаһалтабытыгар тиэхиньикэбит баар эрээри, биһиги усулуобуйабытыгар оттугу буранынан тиэ­йии эрэ кыаллар. Биир куб маһы бэлэмнээһин уонна буранынан тиэйии сыаната 3,5 тыһ. солкуобай буолла.  Кыайан мастанар кыаҕа суохтарга тэрилтэлэринэн бэлэмнэтэбит эбэтэр аймахтара көмөлөһөллөр, сорохтор бэйэлэрин харчыларынан сакаастаһаллар. Кулууппут икки сыллааҕыта “Липснелле” диэн австрийскай оһоҕу ылбыта. Хачыгаардарбыт барахсаттар олус эппиэтинэс­тээх буоланнар, этэҥҥэ туоруубут, – диэтэ нэһилиэк баһылыга Вера Стручкова.

Таарыйа аҕыннахха, уустук суоллаах-иистээх Бороҕоҥҥо атын да кыһалҕалара үгүс. Икки эбийиэгинэн үөрэнэр буолан, саҥа оскуола тутуутун инвест-бырагыраамаҕа киллэрээри үлэлэһэллэр. Ыаллыы Найба курдук сылы эргиччи сырыы олохтоноругар ол агломерацияҕа киирсиэхтэрин эмиэ баҕараллар. Саҥа хочуолунайданаллара буоллар, өссө сайдыа эбиттэр.

“ЗИЛ” массыынанан – 15000

Сангаартан тэйиччи, хайа­­лар быыстарыгар олорор Сэбээн Күөлгэ дэриэбинэлэрэ ортотунан үрэх ааһар буолан, икки гына арахсар. Онон икки өттүгэр икки хочуолунайдаахтар. Хата, дьиэлэр үксэ кииннэммит ситимҥэ холбоммуттар, ол эрээри хас да саҥа дьиэ холбоно илик эбит. Ол дьиэлэргэ уонна дьиэлэрин ититээри эбии оттуон баҕалаахтар 100 тахса көстөөх сиртэн мас тиэ­йэллэр. 7 куб маһы “ЗИЛ”-ынан 15000 солк. аҕалтарыахха сөп үһү. Бу курдук, киин улуустартан төһөнөн ыраатан иһэҕин да, сыана үрдээн, ыараан иһэр. Хайыахтарай, оттугунан хааччыллыы тыын боппуруос буоларынан, дьон бүтэһик кэппиэйкэтин да биэрэрин кэрэйбэт.

САНАА

Любовь Андросова, “Субсидия ааҕыныстыбата” тэрилтэ социальнай өйөбүл миэрэлэрин арыаллыыр отделын сүрүн исписэлииһэ:

– Маһынан оттуллар оһохтоох кэтэх дьиэлэргэ дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүн төлөбүрүгэр субсидия көрүллэр. Бу субсидиянан туһанааччы дьиэ-уот хомунаалынай өҥөлөрүгэр суутунан иэһэ суох буолуохтаах. Субсидияны ылаары сайаапканы түһэрбит киһини кытта дьиэ кэргэн уопсай дохуота учуоттанар, субсидияны биэрэр туһунан сайабылыанньаны
биэрии иннинээҕи халандаарынай кэнники 6 ыйа. Бу олорор дьиэлэригэр регистрацияларыттан тутулуга суох дьиэ кэргэн чилиэннэрин барыларын дохуота ылыллар. Субсидияны ыларга дьиэ кэргэн ЖКУ төлөбүрүгэр уопсай дохуотуттан 15 % тахсаны туттар буоллаҕына, субсидия бэриллэр. Урут субсидияны ыларга сайабылыанньаны 6 ый буола-буола биэрэр этилэр.
Билигин саҥа уларыйыынан бу ыал усулуобуйата уларыйбатах буоллаҕына, хаттаан биэрэрэ ирдэммэт. Сиһилии 88002225070 нүөмэртэн ыйыталаһыҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Юлияна Кривошапкина -50С кыраадыс тымныыга хомуска оонньоото

Аан дойдутааҕы хомусчут-виртуоз Юлияна Кривошапкина -50 кыраадыс тымныыга хомуска оонньоото. «Маннык эспэримиэни ыытарым бастакы сырыым…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Пути великих свершений» эспэдииссийэ кыттыылаахтара Өлүөхүмэ түмэлигэр сырыттылар

Тохсунньу 4 күнүгэр «Пути великих свершений» эспэдииссийэ кыттыылаахтара Өлүөхүмэҕэ тиийбиттэр. Бастатан туран кинилэр Өлүөхүмэтээҕи кыраайы…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл ханнык сыллаах төрүөхтэр биэнсийэҕэ тахсалларый?

Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэрин олохтоохторо биэнсийэҕэ сааһынан биэс сыл иннинэ тахсыахтарын сөп. Ол…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нумеролог билгэтэ: Гороскоп 2025 сылга тугу кэпсиирий?

Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

3 часа ago