Оһохтоох дьиэҕэ…
“Саха НКИХ “ Ольга Пухова ыытар “Эйгэ биэриитин дьон олус кэрэхсиир.
Бу соторутааҕыта хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр элбэх оҕолоох ыалларга 30 бырыһыаннаах чэпчэтии көрүллэрин туһунан кэпсэппиттэрэ. Биэриигэ “СӨ Субсидия агентствота” тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы Егор Павлов кыттыбыта, үгүс ыйытыыларга хоруйдаабыта. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр балаҕан ыйын 1 күнүттэн маннык чэпчэтии киирбит.
— Маһынан оттуллар дьиэҕэ олорор элбэх оҕолоох ыалбыт. Бу чэпчэтиинэн туһанабыт дуо?
Егор Правлов: “Бу ыал чэпчэтиинэн туһанарга сайабылыанньа биэрэллэригэр оһохтоохпут диэн галочка туруордахтарына, көрүллэр нуорма быһыытынан суоттаан биэрэбит”.
— Улууска олоробут, куоракка кыбартыыралаахпыт. Оннук элбэх оҕолоох ыал бу чэпчэтиинэн туһанар дуо?
Егор Павлов: — Итинтэн биир бырапыыскалаах дьиэҕитигэр сайабылыанньа биэриэххитин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: