Өрөбүлгэ Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Словакия драматура Освальд Заградник «Охсор чаһыы дуораана» («Соло для часов с боем») пьесатынан туруоруллубут испэктээк үгүс көрөөччүнү түмтэ.
Режиссер Руслан Тараховскай, худуоһунньук Лена Гоголева, тылбаасчыт Зоя Попова бэртээхэй испэктээги бэлэмнээн, дьон болҕомтотун тартылар.
Кылаабынай оруолга РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыската Елена Сергеева бэркэ табыллан оонньоото. Франтишек Абель (артыыс Кирилл Семенов) сиэнэ Павел (артыыс Эдуард Захаров) уонна ытык кырдьаҕастар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннара испэктээк – сүрүн тутула. Соҕотох дьон бээтинсэ күн табаарыстарыгар Абель оҕонньорго кэлэн, ис санааларын “сүөкээн” бараллар. Төһө да кырдьаҕастар дьиэлэригэр олордоллор, саастаах дьон нэдиэлэ аайы мустар соҕотох күннэригэр уустук дьылҕаларын туһунан кэпсэтэн муҥатыйбаттар, ытамматтар.
Төттөрүтүн кинилэр сырдык олоххо талаһаллар, бэйэлэрэ оҥорон көрөр олохторунан олороллор. Ол ону аҕам саастаах дьон Щепкин аатынан тыйаатыр училищетын устуудьуйатын бүтэрэн кэлбит эдэр артыыстары кытта тэҥҥэ үҥкүүгэ кулахачыйан ылан көрдөрөллөр. Ол да иһин бу испэктээккэ элбэх үҥкүү, хамсаныы баар.
Сиэн уол ыал буолаары эһэтин кырдьаҕастар дьиэлэригэр барарга күһэйэ сатыыр. Онуоха ыал буолаары сылдьар кыыһа көх-нэм буолан, ытык кырдьаҕастан босхолонор суолу тобуларга күүһэ баранар.
Дьолго, эдэр дьон кэмигэр өйдөөн, кырдьаҕас эһээлэрин олоҕор орооһоллоро тохтуур.
— Саастаах дьон уонна ыччаттар мөккүөрдэрэ испэктээккэ олус чаҕылхайдык арылынна. Уустук олох дьиэ былдьаһыытын кыһалҕатын өрүү “төрөтөр”. Итинник көстүү, хомойуох иһин, үгүс. Ол эрээри испэктээккэ эдэр киһи эһэтиттэн аккаастаныан санаата буолбат – үтүө санаа кыайар. Онон бу испэктээги ордук ыччат дьон көрүөхтэрин наада. Учууталларга, иитээччилэргэ туһаайан, “үөрэтэр-иитэр үлэ сытыырхайбыт кэмигэр Саха тыйаатырын айар үлэһиттэрэ – режиссердар, артыыстар маннык үрдүк таһымнаах, олох сыаннастарыгар болҕомтону туһаайар испэктээктэригэр обургу саастаах оҕолору, устудьуоннары хайаан да сырытыннарыҥ” диэн сүбэлиибин, — диэн бэйэтин анаатын үллэһиннэ тыйаатыр испэктээктэрин биири да көтүппэт Екатерина Попова.
— Кырдьар саастарыгар соҕотох хаалбыт, сулумах сылдьыбыт дьон уонна саҥалыы көрүүлээх аныгы ыччат бүгүҥҥү кыһалҕаларын, үөрүүлэрин артыыстарбыт олус итэҕэтиилээхтик арыйдылар.
Елена Румянцеваны, саамай таптыыр артыыскабын, олус астына көрдүм. Сиэн уолу Эдуард Захаров олус бэркэ оонньоото. Бу кэскиллээх артыыс сотору кэминэн бэйэтин аатын дорҕоонноохтук ааттатарыгар толору эрэллээхпин.
Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт тэрээһиннэргэ бу испэктээк ис хоһоонунан сөрү-сөп түбэһэр. Саха ыала оҕолорун илдьэ кэлэн, бу испэктээктэн дуоһуйууну эрэ буолбакка, үгүс үөрэтэр-иитэр толкуйдаах санааны иҥэринэн тахсыахтара. Онон оҕону иитиигэ олус туһалаах испэктээк кэмигэр турда, — диэн санаалаах көрөөччү Марина Цыпандина.
Ити курдук, «Охсор чаһыы дуораана» испэктээги көрбүт хас биирдии киһи биирдэ бэриллэр олох күндүтүн сыаналыырыгар, аттыгар сылдьар чугас киһитин харыстыырыгар үөрэтэр.
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…
2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…
Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…
Бу күннэргэ Дьокуускайга уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…