Намҥа уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттар охсуспуттар. Охсуспут ыттартан биирдэстэрэ ыт тимирдээх моойторугар тииһинэн түһэн баран сатаан араарбакка иҥнэн хаалбыт.
Ол түмүгэр охсуһан баран сатаан арахсыбатах ыттарга бэтэринээр көмөтө наада буолбут. Нам улууһун бэтэринээринэй управлениетын исписэлииһэ ыттары араарарга көмөлөспүт. Охсуһуук ыттары хаһаайыттарга төннөрбүттэр уонна ыстарааптаабыттар. Бу туһунан СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, ааспыт сыл ахсынньы 22 күнүттэн СӨ кодексатыгар административнай быраабы кэһиигэ уларыйыылар киирбиттэрэ. Билигин дьиэ кыылын көрүүгэ-истиигэ быраабыланы кэһии иһин 1000-3000 солк. тиийэ ыстараап олохтонор. Иккистээн быраабыланы кэһии таҕыстаҕына, ыстараап төлөбүрэ 3000-5000 солк. үрдүүр. Бу быраабыланы кэһии сүрүн биричиинэтэ күн бүгүнүгэр диэри ыттары бэйдиэ ыытыы буолар.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…