2023 сыл балаҕан ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев сылын аайы ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуохай күнүн олохтуур, бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Онон Оһуохай күнүн аан бастаан бэлиэтиибит.
Бырабыыталыстыбаҕа Сергей Местников салайааччылаах тэрийэр хамыыһыйа бигэргэнэн, 5 сылга элбэх тэрээһиннэр былааннаннылар. Мантан ыла үлэ күөстүү оргуйуохтаах. Хас биирдии нэһилиэккэ оһуохай этээччи дьон баар буолуохтара. Түмсүү кыттыылаахтара кинилэри үөрэтэргэ бэлэмнэр.
Оһуохай күнүгэр, Бүтэһик чуораан лыҥкыныыр кэмигэр, бары оскуолаларга оһуохайдар тэриллиэхтэрэ. Бу оҕолору олох саҥа аартыгар атаарарга алгыс кэриэтэ буолуоҕа.
Онон бу үөрүүлээх күҥҥэ саха төрүт үгэһэ сайдарын, тарҕанарын туһугар үйэлэрин тухары үлүһүйэ үлэлии сылдьар Дархан этээччилэри кытта кэпсэттибит.
Александр Данилов, “Оһуохай” түмсүү салайааччыта:
– Оһуохай күнүн көрсө биһиги үлэбитин отчуоттаан, үлэ бөҕөтүн ыыта сылдьабыт. Бастатан туран, “Оһуохай” түмсүүнү тэрийбит СГУ бэрэпиэссэрэ Николай Егорович Петровка махтанабын. Кини 1987 сыллаахха уопсастыбаннай тэрилтэ баар буолуохтаах диэн, саха оһуохайын сайыннарар сыалтан, тэрийбитэ. Дьиҥэ, оһуохай норуокка хаһан да сүппэтэҕэ. Ол эрээри маннык тэрээһиннээх түмсүү суох этэ.
Кини кэнниттэн Анатолий Иванович Кривошапкин үс сыл солбуйан үлэлии сылдьыбыта. Мин үлэлээбитим 13-с сылым, үстэ талылынным. Түмсүүм дьонугар улахан махталлаахпын. Кинилэр оһуохайдарын өрө тутаннар, хас улуус, ыһыах аайы түһүлгэни төрүттээн, этэн-тыынан, бу күҥҥэ диэри тиийэн кэллибит. Уопсастыбаннай түмсүү үлэтэ судаарыстыбаннай таһымнанан эрэриттэн наһаа үөрэбит, Ил Дархаҥҥа махтанабыт.
– 37 сыл үлэлээн кэлбит түмсүүгэ саамай улахан ситиһиилэринэн ханныктары ааттыаҥ этэй?
– Николай Петров “Оһуохай” түмсүүгэ анаан Арчы дьиэтин туттарбыта. Ити кини саамай улахан үтүөтэ. Оччолорго куорат дьаһалтата туттаран баран, бэйэҕит дьаһаныҥ диэн биэрбитин, хаһаайыстыбаннай өттүн кыайыахпыт суоҕа диэн, аккаастанан, култуураларга биэрбиттэрэ. Онон билигин Арчы дьиэтигэр биһиги ыалдьыт курдук сылдьабыт. Биһиги төттөрү ылыахпытын баҕарабыт, билигин элбээтибит, тыһыынчанан чилиэннээхпит, көрөн-истэн, хайдах баҕарар тутан олорор кыахтанныбыт.
Иккиһинэн, түмсүүбүт улахан кыайыыта – Гиннес рекорда. Оччолорго куорат мэрэ Айсен Николаевка махтанабыт. Аан дойдуга буолбатах түгэн этэ, элбэх киһини мунньаммыт, сахалар санааларын өрө көтөҕөн, улахан оһуохайы тэрийбиппититтэн олус үөрэбит.
Үһүс ситиһиибит – Оһуохай күнүн төрүттээһин. Итини элбэх сылы быһа туруорсан, эккирэтиһэн, ситистибит. Аан бастаан Нам нэһилиэгин баһылыга Петр Сокольников иллэрээ сыл бэйэтэ Оһуохай күнүн олохтоон турар. Онон улуустар саас эрдэ бэйэлэригэр Оһуохай күнүн биллэриэхтэрин сөп. Ол кэнниттэн ыам ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай күнэ бэлиэтэнэр, салгыы ыһыахтар буолаллар. Ити курдук саас эрдэттэн саҕалыахха сөп.
Оһуохай диэн итэҕэлбит көстүүтэ. Биир киһи тыл күүһүн туһанан алгыс этэр, Үрдүк Айыыларга үҥэр, ону атыттар үтүктэллэр, бары тутуспутунан биир сомоҕо буолаллар, күүс-уох ылаллар. Онон оһуохай норуоту сомоҕолуур. Тыллаах, сирдээх, итэҕэллээх буоллахпытына, сахалар өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа, сайдыы кэлиэҕэ, ахсаан өттүнэн эбиллиэхпит.
– Инники былааннаргытыттан саамай сүрүннэрэ?
– Сүрүн былааннарбытын түмсүү сэбиэтинэн соторутааҕыта ылыммыппыт. Биһиги Саха сирин нэһилиэктэригэр барыларыгар хайаан да биир-икки этээччи баар буоларын ситиһэр үлэни ыытыахтаахпыт. Онон улуустарга, нэһилиэктэргэ тиийэн, этэр дьону булан, үөрэтиэхпит. Оһуохай оскуолатын курдук буолар. Оччоҕо хас нэһилиэк аайы үөрүүлээх түгэннэргэ оһуохай дьиэрэйиэ, дьону түмүө, сүргэтин көтөҕүө этэ.
Марта Николаева, Дархан этээччи, оһуохайга Ил Дархан стипендиата:
– Биһиги уопсастыбабыт тэриллибитэ быйыл 37-с сылыгар барда. 2011 сылтан Александр Джурович Данилов-Дьулуур Хаан бэрэссэдээтэлинэн талыллыаҕыттан, улахан хамсааһын таҕыста. Бастакытынан, “Оһуохай” өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах айар сойуус быһыытынан регистрацияланарын ситиспитэ буолар.
Иккиһинэн, 2012 сыллаахха “Оһуохай” түмсүү – Гиннес рекордун олохтуурга тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ. Оһуохай күнүн хас да сыллаах туруорсуубут болҕомтоҕо ылыллыыта салайааччыбыт Александр Джурович аптарытыатыттан улахан тутулуктаах.
Дьокуускай куорат пааркатыгар Оһуохай искибиэрин тэрийбитэ. Бу эмиэ улахан ситиһиибит буолар. Үҥкүү тылын этээччилэри үйэтитиигэ элбэх кинигэни үбүлээбитэ. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ оһуохай сайдыытыгар биһиги уопсастыбабыт улахан оруоллаах.
Семен Черноградскай, спортсмен, олоҥхоһут, оһуохайдьыт, суруйааччы:
– Улуустарынан оһуохай көрүҥнэрэ төһө уратылаһаллар?
– Үгүс улууска иккилии көрүҥ баар. Аҕыйах улууска – 3-4 көрүҥ. 13 сыл анараа өттүгэр улуустар бэйэлэрин көрүҥнэрин нуотаҕа түһэрэн мунньуоҕуҥ диэн этии киллэрбитим, өйөммөтөҕө. Култуура, ускуустуба училищетыгар оһуохай 38 көрүҥэ баар диэн боппуруос түмүктэммитэ. Нуотаҕа түһэриллэн, хамсаныытыгар видеолаах хомуурунньук оҥоһуллара буоллар, дьон мунаарыа суох этэ.
Мэҥэҕэ чыамайыкылыы, Чурапчыга чурапчылыы, Уус Алдаҥҥа уус-алданныы уонна найахылыы, Хаҥаласка 4 көрүҥүнэн этэллэр. Бүлүү сүнньүгэр бүлүүлүү, Өлүөхүмэҕэ хоһуйуута суох нуотанан үҥкүүлүүллэр.
Соҕурууттан кэлбит дьон, сахалар эһиги оһуохайгыт хайдаҕый диэн ыйыттахтарына, Бүлүүлүү этиини иһитиннэрэбит. Ол курдук, Бүлүү сүнньүн дьоно буойуу-хаайыы кэмигэр төрүт үҥкүүлэрин сүтэрбэккэ, күн бүгүнүгэр аҕалбыт үтүөлээхтэр. Бүлүү сүнньүн улуустара бэйэ-бэйэлэриттэн кыранан уратылаһаллар.
Оһуохай дириҥ силистээх-мутуктаах, саха төрүт үгэһэ буолар. Олоҥхолоох оһуохай тэҥҥэ хаамса сылдьаллар. Оһуохайга, хомуска, сахалыы таҥаска Гиннес үс рекордун олохтообуппут. Олоҥхобут киһи-аймах култуураҕа ситиһиитин кылаан чыпчаала (шедеврэ) буолбута. Онон, улуу омукпут.
Валентин Хорунов, Дархан этээччи:
– Киһини өй-дүөхпүттэн, оһуохай эйгэтигэр улааппытым. Төрөөбүт Түбэйим – Сергей Зверевкэ тиийэ улуу оһуохайдьыттар уутуйан үөскээбит, эппит-тыыммыт сирдэрэ. Күн күбэй ийэм Елена Александровна Евсеева Чуораан Дьэлиэнэ диэн аатынан норуокка киэҥник биллибит этээччи этэ. Бары да оһуохайы өрө туппут аймахтарбыт.
Билигин биһиги аймахтан үс Дархан этээччи баар – таайым уола Михаил Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ уонна эдьиийим Светлана Зедгенидзева. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр этээччилэр эмиэ бааллар.
Оҕо эрдэххэ, Бүлүү эбэ мууһуттан босхолонно да, киэһэ аайы оһуохай тэриллэн, сарсыардааҥҥа диэри дьиэрэйэрэ. Түһүлгэ иһинэн-таһынан мэниктии сылдьан, охтон түһэн, утуйан хааларбыт. Ону көрө-истэ, иҥэринэ сырыттахпыт.
– Эрчимнээхтик хамсанан үҥкүүлүүр ураты ньымаҥ туох төрүттээҕий?
– Былыр-былыргыттан Түбэйгэ төбөлөрүн, санныларын хамсатан этэллэрэ. Таайым Михаил Евсеев-Куочук Мэхээлэ өрө мөхсөн, хамсанан үҥкүүлүүр этэ. Ол миэхэ эмиэ бэриллэн хаалбыт. Сунтаарга оһуохайы былыргылыы үҥкүү, дьуохар диибит, онон эти-сиини тэнитэн, үҥкүүлээн, хамсанан хаалар буоллахпыт.
Оһуохай аан дойдуга таҕыста, улуу омуктар сүгүрүйдүлэр, махтаннылар. Оһуохай эмтиир, ыраастыыр сүдү күүстээх. Онон Оһуохай күнэ биллэриллибитин ис-испиттэн үөрэн, долгуйа ылынабын.
Бу саха норуотугар улахан, устуоруйаҕа киирэр бэлиэ түгэн. Үтүмэн үйэлэри уҥуордаан, 21-с үйэҕэ судаарыстыбаттан өйөнөр кэмигэр тыыннаах тиийэн кэллэҕэ. Ил Дархан норуотугар үйэлэргэ хаалар улуу дьыаланы оҥордо дии саныыбын. Сылтан сыл өссө далааһыннанан, кэҥээн иһиэҕэ.
Лариса Иванова-Ырыа Дьаархан, СӨ култууратын туйгуна, Дархан этээччи:
– Оһуохай эн олоххор суолтата?
– Оһуохай – саха омук былыр-былыргыттан өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит эргиир үҥкүүтэ. Мин оҕо сааспыттан ыллыыр этим, 9-с кылаастан саҕалаан, туойар буолбутум.
Аан бастаан дьоллоох Дьокуускай куоракка – 1991 с. Ыччат ыһыаҕар ыҥырыллан, оһуохай тылын эппитим. Дьаархан нэһилиэгин биир ытыктанар киһитэ – СӨ култууратын туйгуна, Саха сирин Дархан этээччитэ Моисей Осипович Ивановтуун. Ол кэмтэн ыла тохтообокко, отуттан тахса сыл оһуохайдыы сылдьабын, ыччаттары, оскуола оҕолорун оһуохайга, тойукка уһуйабын. Онон, олохпор суолтата улахан.
– Оһуохай дириҥ ис күүһэ, дьоҥҥо дьайыыта тугуй?
– Оһуохай саха омугун түҥ былыргы итэҕэлин кытта ситимнээх. Кини күҥҥэ үҥүү-сүктүү сиэрин-туомун толоруу быһыытынан айыллыбыт тойуктаах үҥкүү. Омугу сомоҕолуур ис күүһэ онно сытар. Омук тыынын уһатар, кутун-сүрүн чөл оҥорор аналлаах, дьону-сэргэни түмэр, эйэни түстүүр. Дьон-сэргэ өйүн-санаатын сайыннарар, өрө көтөҕөр, көрү-нары көҕүлүүр сүдү күүстээх. Оһуохай үөрүү-көтүү үктэллээх, аламай алгыс ырыалаах.
Бастатан туран, төрөөбүт төрүт тылы иҥэринэн, оччотооҕу улуу оһуохайдьыт дьоннуун бииргэ алтыһан, тылларын истэн, иҥэринэн, үүнэр көлүөнэҕэ оҕолорго тиэрдии.
Иккиһинэн, оһуохай уус-уран ускуустуба үс көрүҥүн: үҥкүүнү, ырыаны, поэзияны холбуу, дьүөрэлии тута сылдьан үөрэтии.
Онон хас биирдии уһуйааччы айылҕаттан талаана, анал үөрэхтээҕэ ирдэнэр. Мин култуура кэллиэһин, кэлин Арктикатааҕы култуура үнүстүүтүн бүтэрбитим. Ол ылбыт үөрэхпин оҕолорго, ыччаттарга тиэрдэргэ кыһаллабын. Бэйэм быйыл Нам, Уус Алдан улуустарыгар маастар-кылаас ыытан кэллим, үбүлүөйдээх сылбар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһи тэрийдим.
Удьуору утумнааччы буолабын. Төрүттэрбэр ыллыыр-туойар идэлээх дьон баар. Айбыт аҕам Николай Михайлович Потапов туойар, оһуохайдыыр этэ, кыыһым Сайаана оскуолаҕа этэр этэ, кэлин кэмэ кэллэҕинэ, этиэ диэн эрэнэбин. Сиэннэрим оһуохай тылын сөбүлээн этэллэр.
– Сунтаарга оһуохай оҕолорго, ыччакка билигин төһө тарҕаммыт көрүҥүй?
– Сунтаар оһуокайдьыттара Улуу Сибиэрэп сыдьааннара буоллахпыт, этэргэ дылы, эппитигэр-хааммытыгар баар. Оҕо дьон, этэн-тыынан эҕилдьитэр ыччаттар бааллар. Ханна да буоларын курдук, уол оҕо этэрэ аҕыйах курдук, кыргыттар элбэхтэр. Ол иһин мин, уһуйааччы буоларым быһыытынан, уол оҕоҕо болҕомтобун күүскэ уурабын.
Онтон оскуолаҕа киирдэххэ, үөрэҕирии систиэмэтигэр уларыйыылар киирэннэр, «внеурочка» диэн ааттыыбыт, чааһа, хамнаһа кырата бэрт. Ханнык эдэр уһуйааччы үлэлиэҕэй. Биһиги биэнсийэлээх уонна үлэбитигэр бэриниилээх буолан, үлэлиибит. Сорох оскуолаларга фольклорга уһуйааччылара да суох. Инникитин, дьэ, хайдах буолар? Сорох кулууптарга фольклор исписэлииһэ баар, олор үөрэтэллэр. Мин санаабар, оскуолаҕа биридимиэт быһыытынан киирдэҕинэ, инникитин күүстээх сайдыы барыа этэ.
Сунтаарга Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин фольклорга күүскэ үлэлэһэр, онон оһуохай, олоҥхо күрэһэ буолар.
Станислав Иванов, Саха сирин үтүөлээх оһуокайдьыта, Дархан этээччи:
– Оһуохайга бастакы холонуум алын кылаастарга үөрэнэ сылдьан этэ. Аҕам Александр Платонович модьуйуутунан, үөрэх кэннэ куруһуокка сылдьар буолбутум. Бастакы ситиһиим 10 саастаахпар Бүлүү улууһун Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын ыһыаҕар этэ. Салайааччым Дария Егоровна Алексеева илин эҥээр, Бүлүү бөлөх улуустарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэстэргэ батыһыннара сылдьан, элбэхтик кытыннаран, сири-дойдуну көрөн, элбэх оҕолору, ыччаттары кытта билсэн, оһуохайы оҕо сааспыттан ордорон, этэн саҕалаабытым.
Билиҥҥи кэмҥэ оһуохайы оҕо, ыччат дьоҥҥо тарҕатыы үлэтэ өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн ситимин быспакка, улуус аайы күүстээх үлэ ыытылла турар. Ол бэлиэтэ – кэнчээри ыччаттарбыт оһуохай түһүлгэлэригэр кутулла түһэллэрэ, сахабыт ырыатын-тойугун өрө туталлара туоһу буолар. Ыччат, оҕо дьону оһуохайга сыһыарыы, кинилэр болҕомтолорун сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдарынан оһуохай күрэстэрин тэрийэн ылыахха сөп диэн тус бэйэм саныыбын.
Билиҥҥи кэмҥэ оһуохай түмсүүлэрэ оһуохайы тарҕатыыга үйэлээх үлэлэрин күүскэ ыыталлар, ону таһынан хас биирдии улуус, өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн саха төрүт ырыатыгар-тойугар, тылынан уус-уран айымньытыгар болҕомто ууруллан, күүстээх өйөбүл баара бигэ тирэх буолар. Онон кэнники да сылларга оһуохайдьыттар ааттара ааттана, оһуохай үйэлэргэ ситимин быспакка, тэнийэ-тарҕана туруоҕа.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038