«Оһуохай» диэн тылы иһиттэххитинэ тугу саныы түһэҕитий? Сахалыы таҥастарын сайбаччы кэтэн, сэрэнэн тоҥолохторуттан ылсан үрүҥ күнү батыһа биир тэҥник хамсанан эрэр ыраах-чугас дьоҥҥут, ураты айар турукка киирбит оһуохай этээччи — күүтүүлээх үрүҥ тунах ыһыахпыт биир маанылаах көстүүтэ, харахха ойууланар. Онуоха оһуохай этээччи тыл, үҥкүү, ырыа доҕуһуоллаах сааһыламмыт санаата сүүс, тыһыынча, сүүс тыһыынча буола күүһүрэн, сомоҕо дорҕоон кый ыраах тиийэр, алгыстыыр, ыраастыыр, кыайыыга кынаттыыр.
Маннык айылҕаттан сэдэхтик бэриллэр үс айар дьоҕурун дьонугар-сэргэтигэр аныы сылдьар Дархан оһуохай этээччи Марта Тимофеевна Николаеваны кытары биир сааскы ылааҥы күн көрсөн, оһуохайбыт бүгүҥҥүтүн-сарсыҥҥытын туһунан санааларын суруннум. Оруобуна 90-с сылларга оскуолаҕа үөрэммит буоламмын, Сунтаартан төрүттээх французскай тылын учуутала кэлэн, омук тылын таһынан оһуохай тылын этэргэ үөрэппитин дьиктиргээбиппиттэн кэпсэтиибит саҕаланна…
Уопсайынан, Сунтаар улууһугар аатырбыт оһуохайдьыттарга суруллубатах сокуон баар этэ — хас биирдии этээччи саатар биир оҕону үөрэтэн таһааран, утумнааччылаах буолуохтаах диэн. Бу сорук курдук турар эрээри, ханна да сурукка суруллубатаҕын, ыйыллыбатаҕын да үрдүнэн, үйэлээх үгэс Сунтаар улууһугар күн бүгүн салҕанан бара турар. Оһуохай тылын этээччилэр үөрэнээччилэрэ Сунтаарга оһуохайы быстыбат ситимнииллэр. Холобура, Тойуктаах Маарыйа-Егорова Мария Ивановна диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот ырыаһыта бэйэтин кэмигэр, сэбиэскэй кэмҥэ, култуура чэрчитинэн Францияҕа тиийэ тойугунан аатыра сылдьыбыт норуот ырыаһыта үчүгэй баҕайытык оһуохайдыыр этэ. Ол кини бэйэтэ элбэх үөрэнээччилэри таһаарбыта. Олортон биирдэстэрэ биһиги уопсастыбабыт чилиэнэ, Дархан этээччи, Дьаархан нэһилиэгэр олорор Иванова Лариса Николаевна эмиэ учууталыттан утум ылан, ким да сорудахтаабатаҕын үрдүнэн, элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин таһаарда. Онон билигин эдэр үчүгэй баҕайы 30-таах, 40-наах уолаттар оһуохай тылын этэллэр. Оскуола оҕолорун ортотугар эмиэ үөрэнээччилэрдээх. Холобура, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Дархан этээччибит Мойтохонова Сахайта Михайловна музыкальнай оскуолаҕа учууталлыы сылдьан, концепция суруйан, Олоҥхо оскуолатын бэйэтин нэһилиэгэр, Кэнтиккэ, тэрийбитэ. Бу оскуолаҕа оҕолор фольклор бары көрүҥэр үөрэнэллэр. Инньэ гынан Сахайта Михайловна үөрэнээччилэрэ олус элбэхтэр, кини үөрэппит оҕолоро эмиэ утум тутаннар учууталларын курдук фольклорга ылсан үлэлээн, хайы-үйэ бэйэлэрэ оҕолору үөрэтэр туһа дьон.
— Өссө Сахайта Михайловна билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үөрэх, култуура министиэристибэлэрин кытары Күн оһуохайа диэн бырайыак толкуйдаан, телевизионнай күрэх кытары тэрийэр буоллулар. Инньэ гынан, мин икки сыл онно тиийэн оҕолору кытары көрсөн, кэпсэтэн, оскуолаҕа эбии үөрэхтээһиҥҥэ итинник оһуохай киирэрэ буоллар, элбэх киһи хабыллан, оһуохайбыт өссө күүскэ тэнийиэ эбит диэн оскуола оҕолоро бэйэлэр этэллэрин иһиттим.
Үөрэх, култуура ситимигэр «эн ону гыныахтааххын, маны гыныахтааххын» диэн сурукка киирбит чопчулааһын, ыйар-кэрдэр докумуон хайаан да баар буолуохтаах. Киһи хараҕынан көрөн, кулгааҕынан истэн үөрэнэр дии, онон оһуохай тулабытыгар, үөрэх, иитии эйгэтигэр, быһаччы эттэххэ, оҕолорбут тула элбэх буолуохтаах.
Атын улуустарга оһуохай ыһыахтарга, күрэхтэргэ былаан быһыытынан киллэрэн тэрийэр буоллахтарына, Дьокуускай куоракка «Оһуохай уопсастыба»салайааччыта Александр Джурович Данилов куорат мээрийэтиттэн көҥүл ылан, Арчы дьиэтигэр өрөбүл ахсын оһуохай тэрийэбит. Онно баҕалаах дьон эбэһээт кэлэллэр. Биирдиилээн дьиэ кэргэнинэн, оҕолорун илдьэ кэлэр дьон эмиэ баалларыттан биһиги сүрдээҕин үөрэбит.
Оҕо улахан дьону көрөн, үтүктэн үөрэнэрин курдук, аҥардас улахан тэрээһиннэргэ, Күн оһуохайа курдук улахан оруоллаах барыл чэрчитинэн эрэ буолбакка, ону ааһан, оҕолор бэйэлэрин баҕа санааларын курдук, оскуолаҕа эбии үөрэхтээһиҥҥэ анал уруоктар киирэн, оһуохай, олоҥхо тэнийэрэ, маннык хайысхалаах үлэ сөргүтүллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Оччоҕуна ылсыбыт дьыалабыт утума быстыбакка үйэлэргэ салҕаныа.
— Оһуохай уопсастыба отут сылы быһа туруорсан кэлбит туруорсуутун Александр Джурович Данилов туруулаһыытынан олоххо киллэрэн, Оһуохай күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев Ыйааҕынан ыам ыйын 25 күнүгэр бигэргэтиллибитэ.
Бу күн эмиэ бэйэтэ ис дириҥ суолталаах. Оскуоланы бүтэрэр оҕолорбут бүтэһик чуорааннарыгар сөп түбэһэн, бу күн бары оскуолаларга оһуохай дуорайыа, оҕо ыччат түмсүүтэ Оһуохай күнүн уруйдуур үтүө үгэскэ кубулуйуо диэн ыра санааттан талыллыбыт, ылыныллыбыт күммүт.
«Оһуохай уопсастыбата» сайын Дьокуускай куорат пааркатыгар анал сквергэ, атын дьыл кэмигэр Арчы дьиэтигэр оһуохайбытын тохтоло суох тэрийэбит. Онуоха интэриэһиргээбит, таһыттан көрөр дьон элбэх буолар. Арай үөрэх тэрилтэлэрэ тэринэн маны кэлэн көрөллөрө, истэллэрэ, кыттыһаллара буоллар, үлэбит өссө таһаарыылаах буолуоҕа.
Саха тылын концепцията ылыныллыаҕыттан син балачча кэм ааста. Иһийии, тохтобул да кэмигэр олорон кэллибит диэххэ. Онон өйөбүл ылан, саха тылын чаастара элбээн, үгэстэрбитигэр, олоҥхоҕо, оһуохайга, сөптөөх болҕомтобутун ууран, оҕолорго билиибитин паарта саҕаттан биэрэр ньыманы эмиэ төнүннэрэр уолдьаста. Холобура, концепция кэмигэр Элгээйи оскуолатыгар үөрэннээччилэр сарсыарда сэрээккэ оннугар оһуохайдыыллар этэ. Бу курдук чэбдигирдэр, оҕо өйүн-санаатын, этин-сиинин уһугуннарар оһуохайы өрө туппут ыччаты иитэн таһаарар кыахтаахпыт.
— Үөрэх, култуура, духуобунас, ону ааһан спорт да өттүттэн бары бииргэ ылсан, кыайар суолбут бу буолар дии саныыбын. Киэҥ көҕүстээх, уһун тыыннаах, сахалыы сайдам санаалаах ыччаппыт бэйэтэ күн бүгүҥҥү баҕа санаата оннук. Биир киһи биитэр «Оһуохай уопсастыбатын» көҕүлээһининэн, тэрээһининэн ситиһиллибэт суол. Биир сомоҕо санааттан, быһаарыыттан тыргыллыа. Онон, өрөспүүбүлүкэбит салалтата ылынан, өйөөн, Эллэй эһэбит саҕаттан эппитигэр-хааммытыгар баар оһуохайбыт умнуллубатыгар, симэлийбэтигэр «Оһуохай уопсастыбата» айар сойуус быһыытынан ылыммыт соругунан, Оһуохай күнүгэр, ыам ыйын 25-гэр, бары оскуолаларга, оҕо саадтарыгар, болуоссаттарга, атын да дьон тоҕуоруһар сиригэр оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-эмэнниин, кырдьаҕастыын, бары көлүөнэ барыта оһуохайдыы тахсан, салгыы саҥа тыыннанан, күүспүтүгэр күүс, сэниэбитигэр сэниэлэнэн эбиллэн, оһуохайбыт үтүө үгэһин кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр көнө суолу тобулуохпут. Онон кэпсэтиибит саҕаланыытыгар төннөн, хас биирдии оһуохай этээччи үөрэнээччилээх, утумнааччылаах буоларын булгуччулаахтык ситиһиэхпит. Бу тыйыс айылҕалаах Сахабыт сирин бэйэтин тутула, ыҥырыыта. Оһуохайбыт — сахалар омук быһыытынан олох сайдыытын, күн хаамыытын уруйдуур биир сүҥкэн бэлиэбит, уратыбыт.
Ааптартан: Уһун кэм устата ийэ тылбыт симэлийбэтиттэн саҕалаан аан дойдуга омук быһыытынан бэйэ суолбутун тэлэрбитигэр олук буолар үс бастаах өксөкү кыыл араҥаччылаах «Оһуохай уопсастыбаны» Александр Джурович Данилов 14-с сылын салайар. Марта Тимофеевна этэринэн, чахчы да, Александр Джурович төрүттэриттэн модьу силистээх-мутуктаах буолан, 15 тыһыынчаттан тахса оһуохайдьыты биир түһүлгэҕэ мунньан, аатырар Гиннес кинигэтигэр киирэртэн саҕалаан оһуохай эйгэтигэр үгүс сылларга кыаллыбатах боппуруостары үрдүк таһымҥа туруорсан, быһаарары ситистэ. Сыл аайы ыам ыйыгар Оһуохай күнэ сүргэбитин көтөҕөр, сомоҕо бэлиэни анньар. Баҕалаах, дьулуурдаах дьон өрөбүл аайы оһуохайдыы мустан, күн тула эргийэн, күүстээх ньэҥири саҕаллар, саханы саха дэтэллэр. Ол эрэн, саха омугар дууһа өйүөтэ буолар оһуохайбыт билиҥҥэ диэри Арчы дьиэтигэр «дьукаах» олорор. Санаан да көрдөххө, оһуохайы утумнааччылары иитэн таһаарарга уустук балаһыанньа. Оо, арай, сахалар оһуохайдыыр анал киэҥ, сырдык уораҕайдаах буолуохха? Баар буоллун — санаабыт хоту, ыччаппыт ыра санаатын толорон! Аныгы уйулҕа үөрэхтээхтэрэ баҕа санааны сурукка түһэрдэххэ чахчы туолар дииллэр, итэҕэйэбин… Тыл — ох, саха тыла — оһуохай!
Евдокия Сергина
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…