«Оһуохай» түмсүү үлэтин саҥа кэмин саҕалаата
Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, «Оһуохай» түмсүү өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр түһүлгэтин саҕалаата.
Арчы Дьиэтин салайааччыта Лариса Андреева этиитин кэнниттэн биллэр мелодист, ырыаһыт, Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Аскалон Егоров-Өркөн Дьол мустубут дьоҥҥо сиэрин-туомун ыытта.
Сиэр-туом оҥоһуллубутун кэнниттэн түмсүү кыттааччыларын, оһуохайы сэҥээрээччилэри саҥардыллыбыт түһүлгэҕэ ыҥырдылар.
«Оһуохай» түмсүү салайааччыта Александр Джурович Данилов-Дьулуур Хан түмсүү үлэтин саҥа түһүлгэҕэ саҕалааһын кэминэн эҕэрдэлээтэ, киниэхэ Аскалон Егоров саҥа кинигэтин бэлэх уунна.
Түһүлгэни, үгэс быһыытынан, оһуохайы тэрийээччи, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ирина Васильевна Абрамова иилээн- саҕалаан ыытта.
Оһуохайы биллиилээх этээччилэр, Аар Дархан этээччилэр: Семён Черноградскай, Егор Осипов, үтүөлээх этээччилэр Аскалон Егоров, Светлана Сивцева, Семён Григорьев уонна да атыттар таһаардылар, ырыаһыттар уонна үҥкүү бөлөхтөрө бэйэлэрин нүөмэрдэрин толордулар.
Александр Данилов-Дьулуур Хан, «Оһуохай» түмсүү салайааччыта:
— Бүгүҥҥү биһиги үлэбит саҥа кэмэ саҕаламмытынан түмсүү кыттааччыларын, сүгүрүйээччилэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Өрөмүөн ыытыллан, чөлүгэр түһэрии үлэтэ түмүктэммитинэн, биһиги түһүлгэбит Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьевка махталбыт улахан!
Быйылгы сылга биһиэхэ элбэх үлэ, былаан күүтэр. Ол түмүгэр хас биирдии улууска оһуохай үтүөлээх этээччитин иитэн таһаарыахтаахпыт!
Оһуохай сайыннын, саха норуота кэскиллэннин! Дом! — диэн эҕэрдэтин тириэртэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: