Оһуокай күрэһигэр баҕа санааларым
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа Сахабыт сирин Арассыыйаҕа, аан дойдуга аатырдар тымныы үрдүк чыпчаала Өймөкөөнҥө буолла. Дьэ, кырдьык даҕаны, киһи көрө сөҕөр дьикти дойдута эбит.
Олоҥхоҕо хоһуйуллар дэриэспэ халыҥ, халлаанҥа харбаһар хайалардаах. Ол хайалар хоннохторуттан сыккырыы сүүрүгүрэр ып-ыраас үрүйэлэрдээх. Тыата, ото-маһа эмиэ көрүөхтэн дьикти: тэтиҥ мастарынан тирээбиллээх, лиҥкир тиит мастарынан тула ойоҕолоох, сыһыытыгар-хонуутугар сыспай сиэллээх, хороҕор даҕаны муостааҕа хойуутук көстөр, көтөрө-сүүрэрэ үрдүк мэҥэ халлаанҥа кыырайа көтөр, сайыннары ирбэт тарыҥ үрэхтэрэ миигин көрүҥ, сөҕүҥ диэбиттии, үп-үрүҥ муустарынан кылбайан сытар эбит…
Дьэ, маннык дьикти дойдуга оһуокайбыт күрэһигэр Саха сирин кылыһахтаах, көмүрүө дьикти күндү күөмэйдээх чулуу дьоно улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөйү уруйдаан-айхаллаан, оһуокай маанытын анаатылар, хоһуйдулар.
Оһуокай күөн күрэһэр оҕолуун, улахан дьоннуун уопсайа 88 оһуокайдьыт кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, Кылаан Чыпчаалы Бүлүүттэн Каролина Харлампьева ылла. Бастакы үрдэлгэ 60-тан үөһээ саастаахтарга Дария Алексеева (Горнай), иккис үрдэлгэ Евдокия Павлова (Дьокуускай), үһүс үрдэлгэ Людмила Пустолякова (Сунтаар) таҕыстылар.
Орто саастаахтарга бастакы үрдэлгэ Светлана Харлампьева (Бүлүү), иккис үрдэлгэ Уйгулаах Күбэйэ Саарын кыыһа (Дьокуускай Хатаһа), үһүс үрдэлгэ Валентина Дьячковская (Чурапчы) таҕыстылар.
Эдэр ыччаттарга бастакы үрдэлгэ — Станислав Иванов (Мэҥэ Хаҥалас), иккискэ Евдокия Захарова (Сунтаар), үһүскэ Марина Хомподоева (Сунтаар) таҕыстылар.
Оҕолорго: бастакы үрдэлгэ Диана Петухова (Уус Алдан), иккискэ Спиридианна Николаева (Үөһээ Бүлүү), үһүскэ Эрик Егоров (Хаҥалас улууһа) таҕыстылар.
Ити курдук, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар уруйдаах-айхаллаах сахабыт норуотун уус-уран тылын-ууһун сүмэтин, кэрэтин ситэри симээн, хоһуйан оһуохайбытыгар холбоотубут, эһиэкэйбитигэр дьиэрэттибит. Бу үс күннээх оһуохай түһүлгэтигэр үрүҥ күммүт сыралын тулуйан үлэлээбит дьүүллүүр сүбэҕэ махтал мааныта буолуохтун. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлигэр Винокуров Михаил Николаевичка, Дьокуускай куорат 38-с оскуолатын төрүт салаа учууталыгар Каратаева Любовь Афанасьевнаҕа, РДНТ исписэлииһигэр Корякин Артем Николаевичка уонна оһуокай күрэһин ыытыспыт Өймөкөөн кэрэ кыталык кыргыттарыгар.
Инники өттүгэр сахабыт оһуокайа өссө чэчирии сайда, киэҥ сирдэринэн тарҕана турарыгар баҕарабын. Ону сэргэ инникитин оһуокай күрэһигэр Аар Дархан, Дархан оһуохайдьыттарга туһунан түһүлгэни тэрийии наадатын этиэм этэ. Оччотугар эдэр ыччат, саҥа этээччилэр кинилэртэн элбэххэ үөрэниэ этилэр, ону таһынан оһуокайбыт өссө киэҥ түһүлгэлэнэн, өссө аатырыа этэ.
Евдокия ПАВЛОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: