Оһуокай — сомоҕолуур күүс
Бүгүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуокай түмсүүтүгэр Сомоҕолоһуу күнүнэн историяҕа хаалар улахан тэрээһин буолла.
«Биир ньыгыл Араассыыйа» баартыйатын өйүүр Бүтүн Арассыйатааҕы уопсастыбаннай түмсүү ыстаабын өйөбүлүнэн Оһуокай сайдыытын кэнсиэпсийэтин суруйууга этиилэри чопчулааһыҥҥа төгүрүк остуол буолла. Манна СӨ Оһуокай түмсүү салайааччыта А.Д. Данилов- Дьулуур Хаан ,СӨ норуот айымньытын киинин дириэктэрэ С.С.Семенов, кэнсиэпсийэ барылын координатора А.В.Васильева, С.А.Зверев — Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу С.И.Борисова, тыйаатыр уус уран салайааччыта С.П.Бессонова, тыйаатыр литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйүүр упсастыбаннай түмсүү салайааччыта С.А.Неустроева, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын исписэлииһэ Л.В.Гурьева кытыннылар уонна санааларын эттилэр.
Төгүрүк остуолга Дархан этээччилэр М. Николаева, Р.Гаврильев, Уйгулаах Күбэйэ, үтүөлээх этээччилэр П.Григорьев, К.Евсеева, А.Егоров, Д.Пестряков, М.Бассанова, М.Иванова, кынаттар Айыы уолана Алаас, Л.Борисова, Г.Павлов кэнсиэпсийэ дьүүллэһиитигэр санааларын маннык эттилэр.
Бастатан, Оһуокай сомоҕолуур күүс буоларынан үөрэх тэрилтэлэригэр оскуолаларга, университеттарга, кэллиэстэргэ өйү санааны чэбдигирдэр уруок биитэр куруһуок быһыытынан булгуччулаахтык киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай уонна култуурунай тэрээһиннэргэ Оһуокайы алгыс үҥкүүтүн быһыытынан сиэргэ-туомҥа киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо дьиэтин курдук Оһуокай киинин тэрийдэххэ үйэлээх уонна сомоҕолуур күүс буолуоҕа диэн этии киллэрдилэр.
Оһуокай өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтэ уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйүүр Бүтүн Сойуустааҕы уопсастыбаннай ыстааб салалталара бииргэ сомоҕолоһон үлэлииргэ дуогабарга илии баттастылар. Төгүрүк остуол СӨ үтүөлээх этээччитэ П.С. Григорьев алгыстаах оһуокайынан түмүктэннэ.
Марта Николаева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: