Оһуокай — сомоҕолуур күүс

Share

Бүгүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуокай түмсүүтүгэр Сомоҕолоһуу күнүнэн историяҕа хаалар улахан тэрээһин буолла.

«Биир ньыгыл Араассыыйа» баартыйатын өйүүр Бүтүн Арассыйатааҕы  уопсастыбаннай түмсүү ыстаабын өйөбүлүнэн Оһуокай сайдыытын кэнсиэпсийэтин суруйууга этиилэри чопчулааһыҥҥа төгүрүк остуол буолла. Манна СӨ Оһуокай түмсүү салайааччыта А.Д. Данилов- Дьулуур Хаан ,СӨ норуот айымньытын киинин дириэктэрэ С.С.Семенов, кэнсиэпсийэ барылын координатора А.В.Васильева, С.А.Зверев — Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу С.И.Борисова, тыйаатыр уус уран салайааччыта С.П.Бессонова, тыйаатыр литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйүүр упсастыбаннай түмсүү салайааччыта С.А.Неустроева, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын исписэлииһэ Л.В.Гурьева кытыннылар уонна санааларын эттилэр.

Төгүрүк остуолга Дархан этээччилэр М. Николаева, Р.Гаврильев, Уйгулаах Күбэйэ, үтүөлээх этээччилэр П.Григорьев, К.Евсеева, А.Егоров, Д.Пестряков, М.Бассанова, М.Иванова, кынаттар Айыы уолана Алаас, Л.Борисова, Г.Павлов кэнсиэпсийэ дьүүллэһиитигэр санааларын маннык эттилэр.

Хаартыска: ааптар тиксэриитэ

Бастатан, Оһуокай сомоҕолуур күүс буоларынан үөрэх тэрилтэлэригэр оскуолаларга, университеттарга, кэллиэстэргэ өйү санааны чэбдигирдэр уруок биитэр куруһуок быһыытынан булгуччулаахтык киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай уонна култуурунай тэрээһиннэргэ Оһуокайы алгыс үҥкүүтүн быһыытынан сиэргэ-туомҥа киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо дьиэтин курдук Оһуокай киинин тэрийдэххэ үйэлээх уонна сомоҕолуур күүс буолуоҕа диэн этии киллэрдилэр.

Оһуокай өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтэ уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйүүр Бүтүн Сойуустааҕы уопсастыбаннай ыстааб салалталара бииргэ сомоҕолоһон үлэлииргэ дуогабарга илии баттастылар. Төгүрүк остуол СӨ үтүөлээх этээччитэ П.С. Григорьев алгыстаах оһуокайынан түмүктэннэ.

Марта Николаева

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Биэс саастаах оҕо уһуйаантан баран хаалан, сэбиэдиссэй ыстарааптанна

Дьокуускайга уһуйаантан иитиллээччи бэйэтэ тахсан баран хаалан, сэбиэдиссэй административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Кини 10 тыһ.солк. ыстараабы…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Афанасий Егоров: «Сахам сирин дьонугар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин»

Бу күннэргэ Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытыллар. Сүдү суолталаах тэрээһиҥҥэ илиҥҥи байыаннай уокуруктан…

29 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Максим Бугулов: «Аҕа дойдубутун чиэстээхтик көмүскүү сылдьабыт»

Үөһээ Бүлүү улууһуттан сылдьар, 2022 сыллаахтан Аҕа дойдуну көмүскүү байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Максим Бугулов…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сылга 16,6 % улаатыаҕа

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6 % үрдүөҕэ уонна 22440…

1 час ago
  • Быһылаан

Светофор кыһыл уотугар суолга сүүрэн киирбит кыыһы массыына түҥнэри көттө

Бэҕэһээ, сэтинньи 4 күнүгэр, Дьокуускай киинигэр 14 саастаах кыыс светофор кыһыл уотугар суолга сүүрэн киирбитин,…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өлөөн оройуонун урбаанньыттара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү тиэртилэр

“Мин биисинэһим” киин байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар гуманитарнай көмөнү оҥорорго Өлөөн оройуонун урбаанньыттарын үбү…

3 часа ago