Аҕыйах сыллааҕыта 15 тыһ. тахса киһи кыттыылаах оһуокайга Гиннес рекорда олохтоммута, бүтүн дойду дьоно-сэргэтэ биһирээбитэ. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуокай күнүн олохтуоҕуҥ диэн этии уостан түспэккэ этиллэн кэллэ. Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуокай күнүн олохтуур туһунан Ил Дархан ыйааҕа бэлэмнэммитин иһитиннэрдэ.
Бу бэлиэ, үөрүүлээх түгэн тосхойон эрэриттэн үөрэн, өрөспүүбүлүкэ оһуокайдьыттара балаҕан ыйын 7 күнүгэр бүтүн Саха сирин үрдүнэн сомоҕолоһуу, түмсүү оһуокайын тэрийиэҕиҥ диэн этии көтөхпүттэр. Бүгүн оробуочай бөлөх тэрээһин түмүк боппуруостарын быһаарыста.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников: “Оһуокай” түмсүү — Саха сиригэр баар, норуоппут төрүт култууратын өйүүр түмсүүлэртэн биир кырдьаҕастара. Онон кинилэр этиилэрин ылынан түмсүү, сомоҕолоһуу, биир буолуу түһүлгэтин — оһуокайы тэрийэргэ сөбүлэспиппит. Оһуокайга төгүрүччү туруу хаһан баҕарар биир санаанан, биир толкуйунан өрөспүүбүлүкэбит кэскилин түстүүр”, — диэн оһуокай үрдүк суолталааҕын бэлиэтээн эттэ.
Мунньахха иһитиннэрбиттэринэн, оһуокайы Саха сиригэр киэҥник биллэр биэс киһи таһаарыаҕа. Манна мустубут дьон тоҥолох-тоҥолохторуттан ылсан, күн эргииринэн сомоҕолоһуу оһуокайыгар кыттыаҕа.
“Оһуокай” түмсүү бэрэссэдээтэлэ Александр Данилов: “Сахалар саамай кэтэһиилээх күммүт үүнэн, оһуокайбыт күнэ тыган эрэр, Ыйаах Ил Дархан илии баттааһыныгар киирбит. Мантан ыла ыам ыйын 25 күнүгэр, Саха сирин бары үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэр үөрүүлээх кэмнэрин кытта бииргэ Оһуокай күнүн бэлиэтиэхпит.
Оһуокайдаах улууска — сайдыы тахсар, оһуокайдаах улууска – саха оҕото төрүүр. Үстэн элбэх оҕолоох улуустар бары оһуокайдарын өрө тутан илдьэ сылдьар улуустар. Оһуокай саамай күүстээх үлэтэ демография боппуруоһугар көстөр. Улуус баһылыктара маны ырытан көрөллөрө суолталаах”, — диэн этэр.
Оһуокай, сомоҕолоһуу түһүлгэтэ балаҕан ыйын 7 күнүгэр киэһэ 18 ч. Саха сирин сүрүн болуоссаттарыгар барытыгар тэҥинэн, Дьокуускай куоракка Орджоникидзе болуоссакка ыытыллыаҕа. Баҕалаах дьон-сэргэ, ыччат, оҕо аймах кэлэн төрүт үҥкүүбүтүгэр – оһуокайга кыттаргытыгар ыҥыраллар.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038