Салгыы
Оһуокай ыһыаҕар сыл түмүгэ таҕыста

Оһуокай ыһыаҕар сыл түмүгэ таҕыста

Ааптар:
14.07.2024, 21:06
Хаартыска. Ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Хас өрөбүл ахсын сыл устата  Дьокуускайдааҕы пааркаҕа Оһуокай тохтообот.

Кыһынын Арчы дьиэтигэр, сайынын пааркаҕа тохтообокко буолар. Куораттарга, улуустарга ыһыахтар кэннилэриттэн Оһуокай ыһыаҕа тэриллиэҕиттэн ыытыллар. Ол сиэринэн, бүгүн, от ыйын 14 күнүгэр, киин куорат пааркатыгар Оһуокай искибиэригэр ыһыах буолла.

Ыһыах алгыһынан аһылынна. Алгыһы СӨ үтүөлээх этээччитэ, Намтан С.П.Алексеев Үрүҥ Аар Тойон баһылыктаах Аар Айыыларга, сирдээҕи үтүө иччилэргэ сүгүрүйэн, аал уотун оттон алгыстаата. Кини кэнниттэн алгыстаах түһүлгэни Дархан этээччи Валентин Хорунов эттэ. Быйылгы Үс Хатыҥ ыһыаҕын кылаан кыайыылаахтарыгар Дархан үрдүк аатын туоһулуур дастабырыанньаны Уйгулаах Күбэйэ Саарын кыыһа, Денис Оконешников, Евдокия Захарова Оһуокай түмсүү бэрэссэдээтэлэ А.Д.Данилов Дьулуур Хаан аатыттан тутан үөрдүлэр. Маны сэргэ Айталина Крылова, Дмитрий Кондратьев, Лариса Попова о.д.а. үтүөлээх этээччи үрдүк аатын дастабырыанньатын туттулар.
Сыл түмүгүнэн бастыҥ этээччилэргэ, Оһуокай түмсүүтүгэр үрдүк кылааты киллэрбиттэрин иһин бэрэссэдээтэлбит А.Д.Данилов Дьулуур Хаан Дьокуускай куорат мээрэ Е.Н.Григорьев аатыттан махтал суруктары Аар Дархан этээччигэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга Р.М.Тихоноваҕа. Дархан этээччилэргэ Валентин Хоруновка, Марта Николаеваҕа, өрөбүллээҕи оһуокайы тэрийээччи, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр И.В.Абрамоваҕа о.д.а туттарда.
Оһуокай түмсүүтүн салайааччыта Александр Джурович Оһуокай түмсүүтүн уон бэтэрээннэригэр Аар Дархан этээччи Е.М.Осиповка, Дархан этээччи Р.Е. Гаврильевка, Оһуокай тэриллиэҕиттэн сылдьар көхтөөх дьоммутугар М.В.Захароваҕа, Р.Н.Егороваҕа о.д.а. быйылгы сыл иккис аҥаарыгар «Саха сирэ» хаһыакка босхо суруттарда.
Оһуокай, ырыа-тойук өргө диэри уҕараабата.

Марта Николаева

+1
13
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: