Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Оһуокай» уопсастыбаны салайар Александр Джурович Данилов — Дьулуур Хаан аҕа саастаах этээччилэригэр, кынаттарыгар мэлдьи болҕомтотун уурар.
Быйыл 2024-25 сыллааҕы хаһыакка аҕа саастаах дьонугар бэйэтин үбүгэр «Саха сирэ» хаһыакка уон киһиэхэ босхо суруттаран бэлэхтээтэ. Саамай кырдьаҕас, 96 саастаах Аар Дархан этээччибит Егор Михайлович Осипов «Саха сирэ» хаһыат хас бээтинсэ ахсын кэлэ турарын этэр. Хас да кинигэ ааптара хаһыаты барытын сирийэн ааҕарын этэр, санаатын үллэстэр. Таайбараҥы таайарын олус сөбүлүүрүн, толкуйдатар оонньуулары ордорорун бэлиэтиир. Дархан этээччи Руф Елисеевич Гаврильев хаһыаты сыл иккис аҥарыттан тутарын этэн туран, салайааччыбыт Дьулуур Хааҥҥа махтанар.
Маны тэҥэ орто саастаах этээччилэрбит эмиэ бу хаһыакка суруттарбыттарын эттилэр, санааларын үллэһиннилэр.
Марта Николаева
Хаартыска ааптар тиксэриитэ
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…