Ил Дархан истипиэндьийэтин ылбыт дьон ортотугар Чурапчы улууһун ытык олохтооҕо Семен Морфунову элбэх киһиттэн бэлиэтии көрбүтүм.
Кэпсэтэн билбитим, сэһэргэһээччим идэтинэн физкултуура учуутала эбит. Ааттаах-суоллаах тустуук тахсыаҕын, эдэр сааһыгар туста сылдьан эчэйиини ылбыт. Сэһэргэһиибитин Семен Морфунов олоҕун кэпсээниттэн саҕалаата.
– 1964 сыллаахха Кытаанах орто оскуолатын 5-с кылааһын бүтэрбитим кэннэ, аатырбыт тириэньэр Дмитрий Коркин “спортивнай оскуола аһыллар, онно киирэн үөрэн” диэн, тустуук оҕолортон талан Чурапчыга үөрэнэ киирбитим. Онтон ыла Чурапчытааҕы “Урожай” уопсастыба чэрчитинэн спортивнай оскуола аһыллыбытыгар бастыҥнар истэригэр сылдьыбытым. Ити сыл Дмитрий Петрович Японияҕа Олимпийскай оонньууларга сылдьан кэлбитэ. Ол кэлэн, биһигини дьоппуон тустууктарын ньымаларынан күүскэ дьарыктаан барбыта. Бастакы ситиһиим – оҕолорго 1965 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр иккис миэстэ. 1966 сыллаахха Уһук Илин Сибиир зонатыгар эмиэ иккистээбитим. Ити курдук, ситиһии кэлэн испитэ. Ити сыл оҕолорго Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бастаабытым.
1967 сыллаахха эмиэ Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бастаан, Ленинград куоракка улахан спартакиада бырагырааматын чэрчитинэн оҕолор күрэхтэһиилэрэ буолбута. Онно Саха сириттэн үһүө буолан тустубуппут: Роман Дмитриев, Прокопий Шестаков уонна мин. Роман Дмитриев бастаабыта, биһиги Прокопийдыын иккис миэстэ буолбуппут. Итинтэн ыла Сибиир Уһук Илин зонатыгар тиийэ бастыы сылдьыбытым. Онтон эчэйэн, 21 сааспар тустууттан туораабытым. 1970–1971 сылларга учууталым Дмитрий Коркин ыҥырыытынан Чурапчытааҕы успуорт оскуолатыгар тириэньэрдээбитим. 1978 сыллаахха Хабаровскайдааҕы физкултуурунай институту бүтэрэн кэлэн, үөрэммит оскуолабар бастаан тириэньэринэн, онтон дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан – уопсайа 25 сыл үлэлээбитим.
Дойдум дьоно, арыылаахтар, ыҥыран, нэһилиэк баһылыгынан икки сыл үлэлээбитим. Ол кэнниттэн Чурапчы нэһилиэгэр солбуйааччы баһылыгынан үс сыл үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым. Өр олорботоҕум – “спорт-оскуолаҕа дириэктэр” наада буолла диэн, 13 аҥаар сыл онно дирэктэрдээбитим. Онтон икки сыл курдук улуус баһылыгын успуорка уонна физкултуурунай хамсааһыҥҥа сүбэһитинэн үлэлээбитим. Онон бочуоттаах сынньалаҥҥа холкутуйан олорбутум икки сыл буолла. Уопсайынан, үлэм успуорка сыһыаннаах буолан, наҕараадам успуорт эйгэтин тула: РФ физкултуураҕа уонна успуорка туйгунабын, СӨ успордун үтүөлээх үлэһитэбин, Саха сирин физкултуураҕа уонна успуорка туйгунабын. Бырабыыталыстыбаттан, Ил Түмэнтэн наҕараадам үгүс. Чурапчы улууһун уонна Арыылаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕобун, үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнэбин, Учууталлар учууталларабын.
1995 сыллаахха Төҥүлүгэ оһуокай күрэһигэр аан бастаан кыттыбытым. Манчаары оонньууларыгар сахалыы кэнсиэпсийэ киирбитинэн сибээстээн, оһуокайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтин курдук култуурунай күрэс буолбута. Онтон ыла уопсайа тоҕус Олоҥхо ыһыаҕар кытынным. Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ төрүт үгэс бары өттүнэн арыллар – иис, тимиртэн уонна мастан уһаныы, уус-уран тыл баайын сүмэтэ (олоҥхо, тойук, чабырҕах, дэгэрэҥ ырыа). Олоҥхо ыһыахтара, дэкээдэлэр саха норуотун фольклора сайдарыгар улахан өйөбүлү оҥороллор. Манан сибээстээн, улуустарга улахан хамсааһын барда. Ол курдук, олоҥхоһут ахсаана эрэ буолбакка, кыттар дьон таһымнара биллэ үрдээтэ. Холобура, быйыл Тымныы полюһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар 108 оһуохай этээччи кытынна. Онон Өймөкөөҥҥө ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Көмүс Күрүөҕэ” өрөспүүбүлүкэ сүүстэн тахса оһуокайдьыта тыыммыт аһыллан, бэрт тэтимнээхтик эппиппит.
Бастаан утаа саҕалыырбар дьону көҕүлээн оһуокайдыыр этим. Биирдэ өйдөөбүтүм, идэтийэн эрэр эбиппин. Үгүс дьон нойосуустаан этэллэр. Онтуҥ бэрт кутталлаах, тылгын умнан кэбиһиэххин сөп. Дьиҥэр, өбүгэ саҕаттан киһи бэйэтэ айан этэр уус-уран айымньыта буоллаҕа. Саха норуотун уус-уран тылынан фольклорун биир көрүҥүн быһыытынан былыр былыргыттан дьон илии-илииттэн ылсан, өйө-санаата бииргэлэһэр айылгылаах. Улахан тэрээһини, миэстэни эрэйбэт. Оһуокайдьыт эрэ баар буолуон наада, дьон бэйэтэ түмсүөҕэ. Тэтимнээх оһуокай кэнниттэн дьон өйө-санаата дьэҥкэрэр, сырдыыр, эрчимнээхтик хамсанан, тиритэр-хорутар, тыына тахсар, этэ-сиинэ чэбдигирэр. Онон, биир өттүнэн, оһуокай – успуорт биир көрүҥэ. Иккиһинэн, дириҥ ис хоһоонноох хоһуйууну хатылаһан, киһи өйө-санаата сырдыыр, анаарыыта, толкуйа кэҥиир.
Урукку сылларга илин эҥээр улуустарыгар оһуокай улаханнык тэнийэ илик этэ. Ити бэлиэтээн эппитим курдук, Олоҥхо ыһыахтара, дэкээдэлэрэ ыытыллыахтарыттан ыла, олох атын көстүү буолла. Ол курдук, Чурапчы улууһугар түөлбэнэн оһуокай кытта тэнийдэ. Улуус нэһилиэктэрэ араас араастык оһуокайдыыллар. Онон ханнык нэһилиэк киһитэ түһүлгэни иилээн иһэрин тута эндэппэккэ билэҕин. Бүлүү эҥээр улуустары киһи этэ да барбат – былыр былыргыттан аар-саарга аатырбыт оһуокайдьыттаахтар.
Өссө биир бэлиэтиирим, илин эҥээр улуустарга ыччат-оһуохайдьыт эр дьон элбээн эрэр. Оһуокай түһүлгэттэн улахан тутулуктаах. Киэҥ, элбэх киһилээх түһүлгэни тэрийдэххинэ – дьолуҥ. Элбэх киһи этэр киһиэхэ күүс эбэр, көмө буолар. Оттон аҕыйах киһиэхэ тылыҥ-өһүҥ тахсыбат, өһүллэн биэрбэт. Дьиктитэ баар, оһуокай саханы эрэ буолбакка, бары омуктары түмэр күүстээх. Соҕуруу устудьуоннуу сылдьан оһуокайдаатахпына, араас омук ыччата түһүлгэбитигэр киирэн, элбии түһэрбит. Төһө да тылы билбэтэллэр, хамсанан-имсэнэн, бэйэбитинээҕэр эрчимнээхтик бараллар этэ. Онон норуоту сомоҕолуурга олус күүстээх.
… Кэпсэтиибитин Семен Морфунов “билигин миигин “оһуокайда таһаар” диэтэхтэринэ, ойон туран түһүлгэни тэрийэргэ бэлэммин…” диэн түмүктээтэ. Ил Дархан истипиэндьийэтин лауреата киһи итинник этэрэ биллэр буоллаҕа!
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038