“Ордук кэрэ от ыйа, унаар сайын оройо!” диэн норуодунай бэйиэт Леонид Попов этэн кэбиспитинии, сайыммыт ортото буола оҕуста… Сайын киһи сынньанар, уйулҕата уоскуйар, айылҕалыын алтыһар, күүһү-уоҕу мунньунар, сайын уунар бэлэҕин сомсор. Сайын, кэрэ чэчик, ардах, отон-дьэдьэн туһунан сахалыы сайар хоһооннору ааҕан, дууһабытын манньытыаҕыҥ!
Эн үүнүүй, сардаана, үйэ-саас (Семен Капитонов)
Кэбис да, сардаана, соһуйан,
Мин диэки көрдөһө көрүмэ,
“Баҕардар, тарбаҕа таарыйан,
Кэрэбин үргүтүө дуу”, — диэмэ.
Эн үүнүүй, эн үүнүүй, сардаана,
Үйэ-саас кэхтэри билбэккэ,
Сардаана – күөх хочо сулуһа,
Бар дьоҥҥор үөрүүнү бэлэхтээ.
Ыччаккын кэрэҕэ угуйар
Аналыҥ чэлгийдин сыл аайы,
Хас биирбит сүрэҕэр тылыннар
Бу сиргэ, олоххо тапталы.
Эн намчы олбоҕуҥ үрдүнэн
Үрүҥ күн илгэтин ибиирдиҥ,
Ийэ сир биһигэ эйгэҕэр
Хаһан да ыар күлүк түспэтин.
Эн үүнүүй, эн үүнүүй, сардаана,
Үйэ-саас кэхтэри билбэккэ,
Сардаана – күөх хочо сулуһа,
Бар дьоҥҥор үөрүүнү бэлэхтээ.
Сардаана
Ып-ыраас ыраны,
Сып-сырдык санааны,
Нап-нарын тапталы,
Санатаҕын, сардаана.
Сардаана, сардаана,
Аммам күндү чөмчүүгэ,
Сардаана, сардаана,
Самаан сайын сүрэҕэ.
Үүммүккүн көрөммүн,
Сүр күүскэ үөрдүм мин,
Мичилин көрсөммүн
Сүгүрүйэн этэбин:
Сандааркар, сардаана —
Дойдум дьоно махтала,
Сандаар дуу, сардаана,
Саха уоспат таптала.
Ахтыбыт дууһабар
Ырыаны ыллаттыҥ,
Төрөөбүт кытылгар
Тапталгын туойсаҕын.
Сардаана, сардаана,
Умнуом дуо, эйигин –
Хаардаах да ыйдарга
Мин сүрэхпэр тырымныаҥ!
Сайын Хотун (Сайа)
Оһуор анньар самаан сайын –
Айымньылаах талба хотун:
Кэрэ чэчик киэргэллэрин
Кэккэлэтэр хонуу устун.
Ыһыах ыһар ытык сайын –
Байбаралаах мааны хотун:
Уруй-туску тойугунан
Айах тутар сирин-уотун.
Быйаҥ аллар уйгу сайын –
Абыраллаах далбар хотун:
Астаах иһит кэһиилэнэн
Хадаҕалыыр саха дьонун.
Күнүн ааҕар күндү сайын –
Дьэдьэн сыттаах ыалдьыт хотун:
Көмүс-алтан илдьиттэнэн
Күһүн хотун кэлэр кэмин…
Николай Попов
АМСАТ ЭРЭ, ДЬЭДЬЭҤҤИТТЭН
Оҥоойуктаах орой мэник
Ойор-тэбэр оҥхойдорум,
Оҥоойулаах омоох суолум
Оһон-сүтэн симэлийбит.
Кып-кытархай дьэдьэн имнээх,
Кып-кыракый солооһунум
Симэх-оһуор сиэрэ ситэн,
Арай тупсан сириэдийбит.
Хос ырыата:
Амсат эрэ, дьэдьэҥҥиттэн,
Күөх тайҕам быйаҥыттан,
Алаас кыыһа оҥоойуктан
Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн,
Ахтар-саныыр аспыттан.
Хоту дойдум хоптолоро
Айманымаҥ арахсарбар,
Тымныы муорам хомолоро
Силлиэримэҥ дойдулуурбар.
Бүгүн манна муһуннулар
Чэччиниэрдэр, хахыйахтар
Талбаарыһа уһуннулар
Ытыс муҥа кэһии уунан.
Ардахха санаа (Саргылана Гольдерова-Саргы Куо)
Тохтообокко ардах түһэр,
Түннүкпэр таммаҕын ыһар.
Хоспор магнитофон лиэнтэтэ
Эргитэр ырыатын иэйиитэ.
Ааспыта ол сайын,
Ааспыта тапталым,
Мин эйигин аҕынным
Ол ырыа тылынан.
Ардах харах уута буолан,
Ардах таптал таммаҕа буолан,
Тоҕунна итийбит иэдэспэр,
Оо, суохтаатым даҕаны эйигин!
Түннүкпэр сыстаммын
Көрдөстүм ардахтан:
Аҕал миэхэ, кинини,
Аҕал миэхэ, тапталбын!
Ардах истибэт көрдөһүүнү,
Арай сүрэх эрэйэр көрсүһүүнү,
Эйэҕэс харах көрүүтүн,
Истиҥ таптал иэйиитин.
Сайын (Борис Павлов-Кэм)
Саҥа сайын саҕар
саҥа санаалары,
Үөрүү төрөтөр
ыраах илдьэр ыралары.
Саха күөххэ үктэниитэ
Күн, Айылҕа уонна Киһи
кыттыгастаах үөрүүтэ.
Доҕоруом, сайыны кээмэйдээ
ыраах айан далааһыннарынан,
Сөмөлүөттэр күҥҥэ күлүмүрдүүр
көмүс кынаттарынан,
Аан дойду бары улахан куораттарын
географияларынан,
Чугас дьонноруҥ сайыҥҥы дьоллоох
биографияларынан!
Онтон мин баҕам кыра:
Саныыбын кыракый алаас
кытыытыгар
балаҕан туттуохпун,
Саҥа атыыласпыт хотуурбун үөл
титиригинэн уктуохпун,
Сарсыарда эрдэ күөрэгэй
ырыатынан
уһуктуохпун.
Аһаҕас түннүгүнэн мөҥүрээн
киириэҕэ
Тойон ыҥырыа,
Күн таҕыста, эн утуйа сытаҕын диэн
сөбүлээбэтэхтии ыҥырҕыа.
Тэлгэһэ иһигэр ыйанан туруоҕа
сүүс харахтаах илимим,
Ходуһаҕа лөглөйүө
чиҥник түстээбит кэбиһиим.
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…