«Оһуордаах Таатта» айар мастарыскыай хаһаайката бүгүн күннээтэ!

Share

Бүгүн «Арассыыйа — мин устуоруйам» историческай пааркаҕа Олоҥхо күнүгэр анаммыт «Саха сиригэр оҥоһуллубут» («Сделано в Якутии») диэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар дьаарбаҥка-быыстапкаларыгар,  айан уустугуттан чаҕыйбакка, Илин эҥэр улуустара көхтөөхтүк кытыннылар. 

Таатта улууһуттан кэлбит  Марианна Степанова быыстапкаҕа күннээтэ! Кини турар муннугар дьон элбэҕин иһин мин интервью ылаары, бэл, уочаракка туран ыллым…

«Оһуордаах Таатта» айар мастарыскыай хаһаайката санаатын маннык үллэһиннэ:

Ойуу-дьарҕаа күннэтэ олохпутугар хайдах киириэн сөптөөҕөр анаан чинчийии үлэтин ыытабын. «Өттүк симэҕин күннэтэ кэтэр таҥаска хайдах киллэриэххэ сөбүй?»  диэн толкуйунан сиэттэрэн үлэлиибин. Бэйэм худуоһунньук буолан, уруһуйдаан таһаарабын. Саха таҥаһын чинчийиинэн дьарыктанабын. «Өттүк симэҕэ» ойуу былыр таҥаска оҕуруо эбэтэр аппликация ньыматынан   эрэ түһэриллэр  эбит буоллаҕына, билигин биһиги производство быһыытынан таҥаска бэчээттэтэн таһаарабыт. Онтон сыыппара тиэхиньиичэскэй тэрилигэр бэчээттэтэбит. Бу ойуу түһэриллибит таҥаһа сууйуллуон, күннэтэ кэтиллиэн сөп.

… 15 тыһыынча солкуобайдаах былааччыйалар,  2500 солкуобайдаах сааллар, олох көрөн турдахпына атыыга хамаҕатык бардылар.  «Дьэ, кырдьык да «Саха сиригэр оҥоһуллубут» бренд-табаар кэм ирдэбилинэн буолбут эбит!», — дии санаатым.

Онон Марианна Степанова «Саха сирэ» хаһыакка тахсыахтаах  дьоруойдарым халыҥ испииһэктэригэр бэйэтин миэстэтин бигэтик булла.

Салгыы видео-устууну көрүҥ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна видеоҕа устуута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

12 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

13 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

14 часов ago