Ой оскуолатын 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр
Хаҥалас улууһун Ой оскуолата лоп курдук 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Үйэҕэ биирдэ тосхойор үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, Ой оскуолатыгар үөрэммиттэр саала иһин толордулар. Үөрэнээччилэр баппакка успуорт саалаҕа быһа холбонон көрө олороллор диэн сөхтөрдүлэр.
Биир бэлиэ түгэнинэн, оскуола 70 сылыгар мустубуттар 100 сылы бэлиэтиир үбүлүөй кыттыылаахтарыгар туһаайбыт “кэм капсулатыттан” суругу таһааран ааҕыылара буолла. Ис хоһооно маннык: “Туһаайыы тыл. Оскуола 70 сыллаах үбүлүөйүн кыттыылаахтара. Оскуола 100 сылын туолар 2022 сыллаах үбүлүөйүн кыттыылаахтарыгар анаан биллэрэбит. Дойду ырыынак экэниэмикэтигэр киирдэ. Оскуолаҕа 491 оҕо үөрэнэр, 52 учуутал, 20 тиэхиньиичэскэй үлэһит үлэлиир, 2000-тан тахса оҕону үөрэтэн таһаардыбыт, 26 кэмпилиэк кылаас баар… 70 сыллаах үбүлүөй кыттыылаахтара, Ой сэлиэнньэтэ, сэтинньи 21 күнэ, 1992 сыл.
Сэргэни оҥордулар: бырайыага — Ноговицын Прокопий Романович, оҥордо — Анемподистов Еримей Иванович, тимиринэн киэргэттэ — Осипов Василий Иванович”, — диэн ис хоһоонноох туһаайыыны оскуола түмэлигэр туттардылар.
Кылгастык оскуола тэриллибит устуоруйатыттан сэгэтэн аастахха, 1922 сыл сэтинньи 22 күнүгэр Ой бастакы сүһүөх оскуолата аһыллыбыта, оччолорго 35 оҕо үөрэнэрэ. Бастакы учууталынан Духуобунай семинарияны бүтэрбит Антон Петрович Решетников үлэлиир.
Сатабыллаах салайааччы П.П.Капустин туруорсуутунан, 1979 сыллаахха тыа сиригэр аан бастакынан таас оскуола тутуллар. Билигин 410 оҕо үөрэнэр, 56 педагог үлэлиир. Биир үйэ устата оскуоланы 3 тыһ. тахса оҕо бүтэрдэ. Ой оскуолатыттан кынат үүннэринэн тахсыбыт, өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, үлэ үөһүгэр сылдьар дьон элбэхтэр.
Күн бүгүн Ой оскуолата тарбахха баттанар оскуолалартан биирдэстэрэ. Оҕо бары өттүнэн сайдар эйгэтин тэрийэн үлэлииллэр. “Инники күөҥҥэ тутар хайысхаларбытыттан биирдэстэринэн “Эллайаада” оскуола эспэдииссийэтэ буолар. Сүбэһиппит, ыйан-кэрдэн биэрээччибит (кураторбыт), академик Никита Гаврилович Соломоновы кытта үлэлээбиппит быданнаата. Кыттыгас үлэбит түмүгэр 54 үөрэнээччибит дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыайыылааҕынан таҕыстылар, миэстэлэстилэр”, — диэн оскуола дириэктэрэ Луиза Корякина кылгас дакылаатын кэмигэр бэлиэтээн ааста. Ону таһынан, летнай оскуола, мэдиссиинэ кылаастара үлэлииллэр, 2017 сылтан аан дойдутааҕы “Арктика” оскуолатын аргыһа ааттанан, англия, кытай тылларын үөрэтэллэр, 2018 сылтан “Үүнүү точуката”, “Муусука – барыбытыгар!” федеральнай бырагыраамалар үлэлииллэр, оҕолор успуордунан утумнаахтык дьарыктаналлар, оҕону иитиигэ “Бэдэр” аҕалар сэбиэттэрэ сүҥкэн оруоллааҕын ыйаллар.
Үбүлүөйдээх тэрээһинтэн репортаһы сиһилии “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: