Ойуһардаах кэллиэксийэньиэрэ

Ойуһардаах кэллиэксийэньиэрэ

Ааптар:
15.05.2024, 10:50
Хаартыскаҕа Галина Шкулева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Урут грампластинка диэн баар буолара. Ырыа арааһын холбоон истэрбит.

Биһиги көлүөнэ оҕо эрдэхтэн эдэр сааспыт аргыһа оҥостубут пластинкаларбытын билигин ким эмэ уура сылдьарын көрдөхпүтүнэ, олус үөрэбит. Уруккуну саныыбыт, эдэр, оҕо сааспытыгар эргиллэн ылабыт.

Урут дэриэбинэҕэ кимнээххэ эмэ саҥа пластинкаламмыттара үтүө сонун, кэрэ кэпсээн буолара. Сөбүлүүр ырыаһыттарбыт пластинкаларын эккирэтиһэн сурутарбыт, атыылаһарбыт, уларсыһа сылдьан сөбүлээбит ырыабытын истэн үөрэтэрбит. Итини ахтан, санаан кэллиэксийэньиэр Екатерина Дмитриевна Фоминаҕа тиийэн ыалдьыттаатым,  муспут пластинкаларын  көрдүм.

Кини 370 грампластинкалаах, 520 аудиокассеталаах. «Кругозор» сурунаал 50 арааһа, ырыаһыттар тустарынан «Мелодия» фирма сурунааллара бааллар. Урукку ырыалары сэргэ, 1980-90 сыллар биллэр ырыаһыттарын пластинкалара элбэх. Өссө «Любимые песни Ильича» грампластинкалара баалларын сөҕө көрдүм.

Екатерина Дмитриевна 9 кылааска үөрэнэ сылдьан сынньалаҥҥа дьиэтигэр кэлбитигэр, ийэтэ үс пластинканы бэлэхтээбит. Онтон ылата муспут. Кэлин Благовещенскайга бара сылдьан 20 пластинканы атыылаһан аҕалбыт. Урут кэһии да гынар, атастаһар да эбит. Онтон кэлин мунньарын билэннэр, дьоннор бэлэхтиир буолбуттар.

Галина Шкулева,

Ойуһардаах, Орто Халыма.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: