Урут грампластинка диэн баар буолара. Ырыа арааһын холбоон истэрбит.
Биһиги көлүөнэ оҕо эрдэхтэн эдэр сааспыт аргыһа оҥостубут пластинкаларбытын билигин ким эмэ уура сылдьарын көрдөхпүтүнэ, олус үөрэбит. Уруккуну саныыбыт, эдэр, оҕо сааспытыгар эргиллэн ылабыт.
Урут дэриэбинэҕэ кимнээххэ эмэ саҥа пластинкаламмыттара үтүө сонун, кэрэ кэпсээн буолара. Сөбүлүүр ырыаһыттарбыт пластинкаларын эккирэтиһэн сурутарбыт, атыылаһарбыт, уларсыһа сылдьан сөбүлээбит ырыабытын истэн үөрэтэрбит. Итини ахтан, санаан кэллиэксийэньиэр Екатерина Дмитриевна Фоминаҕа тиийэн ыалдьыттаатым, муспут пластинкаларын көрдүм.
Кини 370 грампластинкалаах, 520 аудиокассеталаах. «Кругозор» сурунаал 50 арааһа, ырыаһыттар тустарынан «Мелодия» фирма сурунааллара бааллар. Урукку ырыалары сэргэ, 1980-90 сыллар биллэр ырыаһыттарын пластинкалара элбэх. Өссө «Любимые песни Ильича» грампластинкалара баалларын сөҕө көрдүм.
Екатерина Дмитриевна 9 кылааска үөрэнэ сылдьан сынньалаҥҥа дьиэтигэр кэлбитигэр, ийэтэ үс пластинканы бэлэхтээбит. Онтон ылата муспут. Кэлин Благовещенскайга бара сылдьан 20 пластинканы атыылаһан аҕалбыт. Урут кэһии да гынар, атастаһар да эбит. Онтон кэлин мунньарын билэннэр, дьоннор бэлэхтиир буолбуттар.
Галина Шкулева,
Ойуһардаах, Орто Халыма.
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…