Ойуһардаахха бэртээхэй быыстапка тэрилиннэ
Орто Халымаҕа С.Н.Горохов аатынан Ойуһардаах оскуолатыгар бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Дьиэ кэргэн күнүгэр уонна Аан дойдуга музей күнүн чэрчитинэн, нэһилиэк кэллиэксийэньиэрдэрэ быыстапкалаатылар. Быыстапканы бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайар Галина Егоровна Шкулева тэрийдэ.
Быыстапкаҕа алта киһи кытынна. Дьикти дьарыктаахтар бу сырыыга халандаардары, аккырыыкка арааһын, дьикти кэрэ таастары, муораттан ылыллыбыт хаба хааларын (ракушкалары), сакалаат суутун, хаатын арааһын, брелоктары, өрдөөҕүтэ оҕо кэппит моряк таҥаһын, хары чаһыларын, о.д.а., киһи эрэ сөҕө, хайгыы, кэрэхсии көрөр малын-салын аҕалбыттар. Кинилэр бу аҕалбыт хас биирдии малларын туһунан киһи сэргээн истэ олоруох курдук. Олус интэриэһинэйдик кэпсээбиттэрэ болҕомтону улаханнык тардар.
Ити курдук, тэрээһин барыбытыгар наһаа туһалаах буолла. Ону-маны мунньуох баҕалаах элбээтэ. Тэрээһин кыттыылаахтарыгар кэллиэксийэлэрэ хаҥыы, сүгүрүйээччилэрэ элбии туралларыгар баҕарабыт.
Евдокия Винокурова,
Орто Халыма, Ойуһардаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: