Ойуун кыыһа Александра Чиркова…

Share

Бу күннэргэ Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт “Балаҕан” энтокомплексын иһинэн СӨ үтүөлээх бырааһа, доруобуйа харыстабылын талааннаах тэрийээччитэ, “Бочуот Знага” уордьан кавалера, идэтийбит эмчит уонна бионэнергетик Александра Константиновна Чиркова төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах “Шаманы Севера в пространстве Времени: биографии и судьбы (взгляд из XXI века)” Бүтүн Арассыыйатааҕы “төгүрүк остуол” буолан ааста.

Бу тэрээһин бөдөҥ учуонай, уопсастыбаннай диэйэтэл Г. В. Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылыгар анаммыт декада чэрчитинэн ыытылынна.

Учуонайдар кытыннылар

“Төгүрүк остуолу” кэнники сылларга ыкса алтыспыт, ситимнэспит киһитэ, устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Назаровна Романова ыытта уонна «Шаманские биографии в эпоху “красного шамана”: пространство памяти и времени» диэн үлэнэн саҕалаан, кыттааччыларга аан аста. Дакылаатынан уонтан тахса учуонай кытынна, олор истэригэр филология билимин хандьыдаата Светлана Дмитриевна Мухоплева, уопсастыбаннай диэйэтэл, ойууннааһыны чинчийээччи Анатолий Игнатьевич Чомчоев, устуоруйа билимин хандьыдаата Мария Ивановна Старостина. Салгыы ырытыһыыга Новосибирскай, Москва, Есик куораттарыттан, Иркутскай уобалаһыттан кэлбит уонтан тахса учуонай кытынна.

Ааптар хаартыскалара
Александра Чиркованы истиэххэ, ааҕыахха…

Александра Константиновна бэйэтин туһунан хаһан да кэпсээбэт, интервью биэрбэт буолара. Арай «Сыаҥааннаахтар сэрии ыар сылларыгар» диэн кинигэбитигэр киллэрээри учууталым Анастасия Сорокоумова тиийбитигэр, сонно сөбүлэспит этэ. Онно маннык кэпсээбит:

— Университеты бүтэрэн баран, дойдубар кэлэр былааным суох этэ. Син биир сүгүн үлэлэппэттэрин билэрим. Ол гынан баран, райсэбиэттэр, райкомнар хадатаайыстыба түһэрэннэр, Прокопий Андреевичка сурук суруйбуттар этэ. Ону кини ыҥыран ылан, Баатаҕайга хирурунан бараары сырыттахпына, бирикээспин төттөрү ылан, Абыйга ыыппыта.

Дойдубар үлэлии кэлэн баран, Муҥурдаахха командировкаҕа сылдьан кэллэхпинэ, утары үҥсүү сурук күүтэ сытар буолара. Милииссийэ начаалынньыга үстүү чааһы быһа доппуруостуура. «Аҕаҕар тиийэн, үчүгэй эми барытын киниэхэ илдьэн биэрбитиҥ буолуо», — диэн муҥнууллара. Аҕам олорор дьиэтигэр тиийэн, ол суох эмтэри көрдөөн, барытын ыһан-тоҕон дьэгдьийэллэрэ. Ол иһин аҕабар сылдьыбакка да кэлэр этим. Биирдэ да сүгүн олорон кэпсэппэтэхпин диэн кэлин төһөлөөх кэмсиммитим буолуой?!

Үтүө аата ааттаныа

— Аҕам «барбытын» кэннэ ис туругум мөлтөөн, тулам барыта кураанахсыйан хаалбыта. Кини миигин куруутун көрө-истэ сылдьар курдук этэ. Олохтон барбыта үс сыл буолан баран, миигин бэйэтэ «булан», олох илэ-бааччы кэлэр буолбута. Билигин ону суруйуохтаахпын. Бэйэтэ кэлэн үөрэппит медиум суруктара бааллар. Бастаан кэлэригэр, ийэ тылгын үчүгэйдик билбэккин диэбитэ. Үс көрсүһүүнү онно биэрбитэ. Медиуму арыаллыырга үс киһи наада диэбитэ. Барытын былыргылыы тутуһуннарар этэ. Бу суруйарга ыарахан буолуохтааҕын билэбин эрээри, ону суруйсуон сөптөөх киһи, дьэ, көһүннэ. Бастакы кинигэлэрбэр ол туһунан ханна да ахтыбатаҕым, суруйбатаҕым. Өйдүөхтэрэ да суох этэ.

Аҕам үтүө аата дьиҥ сокуонунан 1992 сыллаахха төннөрүллүбүтэ. Ол иннигэр кини туһунан этэр да, суруйар кыаҕым суох этэ. Хайдах итинник мээнэ сүтэн хаалыай, булгуччу мин кинини суруйуохтаахпын диэн куруук саныырым.

1991 сыллаахха ойууннааһын туһунан аан дойду таһымнаах кэмпириэнсийэ буолбута. Ол кэнниттэн, дьэ, санаммытым… Онно Америка, Англия, Франция учуонайдарын кытары көрсүбүтүм. Кинилэр эмиэ “хайаан да суруй” диэн ыыппыттара. Ол түмүгүнэн «Мой отец — шаман» диэн кинигэм тахсыбыта. Бу кинигэ 2014 сыллаахха французтуу тылбаастаммыта. Дьон билиммитэ, аҕам, дьэ, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта.

Мария Решетникова-Арылы Дуйдаах кэпсиир:

— Александра Констан-тиновна тиһэх кинигэтин суруйарга 2018 сыллаахтан туруммута. Ол эрээри, хараҕынан моһуогуран, уһуннук эмтэнэн, үлэбитин 2021 с. ыам ыйын саҥатыгар саҕалаабыппыт. Кини олус сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьара. Бэйэтин сааһыгар тэҥнэммэт эдэр көстүүлээҕэ. Кинилиин алтыһарга, аҕам саастаах киһиэхэ сүр баттатыы диэн суоҕа, хайдах эрэ, бэйэҥ тэҥнээҕиҥ курдук чэпчэкитик өйдөһөрүҥ. Кини «собуоттанан» хаалан, уһун күнү быһа, олох хойукка диэри, олорон хаалааччыбыт. Сороҕор, аһары үлэлээн кэбиһэн, ыарытыйа да сыһара, оччоҕуна сынньатааччыбын. Дьиэбэр, ыйан биэрбит тиэкистэрин нууччалыы тылбаастыырым. Онтон кэлэн доргуччу ааҕан иһитиннэрэр, сөҥнөһөр этибит. Кинигэ тутулун, туох кэнниттэн туох кэлэрин барытын бэйэтэ сааһылаабыта. Күһүөрү сайын хара барылын бүтэрбиппит. Ол эрээри, кини ойууннааһын туһунан кэпсиир түһүмэҕин билим хараҕынан өссө дириҥэтэн, ситэрэн суруйуон баҕарар этэ.

Ол эрээри, хара дьайдаах дьаҥҥа хаптаран хаалан, Александра Константиновна тоҕус ый устата ыарахан ыарыыны кытта турууласпыта. Тыҥата бүппүт киһи диэтэххэ, санаатын, айылҕатын күүһүнэн уонна аймахтарын, доҕотторун үтүө кыһамньыларынан, балтыларын Светлана, Виктория сылаассымнаҕас көрүүлэринэн, соҕотохсуйбакка сыппыта. Ол тухары олоххо тардыһар биир сүрүн күүһүнэн — кинигэтин түмүктүүр булгуруйбат дьулуура буолбута. «Кинигэм таҕыстаҕына, аҕам иннигэр уонна бу орто дойдуга кэлэн ааспыт ытык иэспин төлөөбүт курдук сананыам. Туох да хом санаата суох айанныам», — диирэ. Аҕатын, Константин Иванович Чирков, саха улуу ойуунун аата, ити үлэтин кытта өссө ыраатыаҕар, аан дойдуга салгыы айанныаҕар бигэ эрэллээҕэ. 2022 сыл ыам ыйын бүтүүтэ, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыттаҕына, бэйэтин тылыттан ситэрэн-хоторон, хаартыскаларын барытын кумааҕыга таһааран көрдөрөн, ханан, хайдах киллэрэрбитин сааһылаан, бэчээккэ бэлэмнээн, «Айар» кыһаҕа туттарбыппыт. Ол үөрүүтүгэр, сөбүлүүр «Муус Хайа» эрэстэрээниттэн саламаат, алаадьы, таба этэ аҕалтарбыппыт. Александра Константиновна «Избранный духами стихий» кэриэс кинигэтэ быйыл Казахстан Астана куоратыгар уонна Новосибирскайга икки улахан быыстапкаҕа кыайыылааҕынан таҕыста! Өссө да айанныа, тылбаастаныа, ытык дьоммутун аан дойдуга ааттатыа турдаҕа.

Эльдар Садовников

What’s your Reaction?
+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago