Ойуунускай экономикаҕа көрүүлэрэ, Үлэ Дьоруойа Африканович, архитектор Иван Шишигин…
Сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал Үлэ сылын түмүктүүр ахсынньытааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ:
Былатыан Ойуунускай Саха АССР экономикатын сайдыытын хайдах анаарарый? Дакылааты сэргэ учуонай уонна суруйааччы Эдуард Ефремов-Дэхси санаатын үллэстиитин;
Литература кириитигэ Баһылай Бырдьахаанап суруйуутугар Саха тыйаатырын номоххо киирбит испэктээкилэ – «Үс саха төрүөҕэр» дьүһүйүүтүн түмүгүн;
Суруйааччы Иннокентий Сосин төрөөбүтэ 95 сылынан «Ымыы сымыыта», «Бүтэһик таба», «Хара мэҥ», «Тойон ыҥырыа» диэн булт уонна сиэр-майгы туһунан кэпсээннэрин;
Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар туох-туох буолбатаҕай? Саха саллаатыгар ийэтэ тикпит кээнчэтэ тиийбитин туһунан Наталия Руфова «Портянка из зайца» кэпсээнин;
Поэт М.Н.Тимофеев-Терешкин төрөөбүтэ 140 сылынан «Күлүккүт үлүннүн, күрүөҕүт кытааттын…» диэн араас сыллааҕы хоһооннорун;
Аныгым кэм поэтессалара Кэрэмэс Кийиитэ «Таптал эрэ тулабытын сырдатыахтын…» уонна Марина Комарова «Саргылаах санаалаах саха дьахтара…» хоһооннорун бөлөҕүн;
Суруйааччы Александр Амбросьев-Сайылык Уола Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович Михайлов туһунан репортаж ыстатыйатын;
Дьокуускай куорат аныгы сэбэрэтин дьүһүйбүт архитектор Иван Шишигинныын сэһэргэһиини;
Саха Ромеолаах Джульеттатын – Лоокуут уонна Ньургуһун тустарынан киинэни оҥорбут айар бөлөх тугу саныырын;
Саха поэттарын тылбаасчыттара нуучча бөдөҥ поэта Анатолий Ольхон төрөөбүтэ 120 сылынан суруналыыс Роман Попов ыстатыйатын;
Норуот суруйааччылара Баһылай Харысхал уонна Ойуку бөдөҥ литературовед Дора Васильева туһунан ахтыыларын.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: