Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Ойуунускай музейын тэлгэһэтигэр сарсыардаттан сахалыы үҥкүү, ырыа-тойук дьиэрэйдэ. Саха норуодунай суруйааччыларын Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Софрон Данилов, Петр Тобуруокап ийэ тыл туһунан (урукку устан ылыыттан) ыллыктаах тыллара дуораһыйда.
Бу күн музейбытыгар аһаҕас аан күнэ биллэриллэн үгүс киһи сырытта. Ол курдук сарсыардаттан үрдүк, орто үөрэх кыһаларын устудьуоннара бөлөҕүнэн кэлэннэр экскурсияҕа, уруоктарга сырыттылар. Кинилэргэ анаан үс сиринэн – саха балаҕанынан, П.А.Ойуунускай мемориальнай музей-дьиэтинэн уонна сүрүн таас дьиэбит экспозицияларын көрдөрөн Ноговицына Е.С., Дохунаев Е.В., Халгаева Н.В кэпсээтилэр. Бу күн музейбыт тэлгэһэтигэр элбэх киһи тоҕуоруста, уулуссанан ааһан иһээччилэр даҕаны киирэн көрөн-истэн аастылар, үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Музей үлэһиттэрэ бу күн ыалдьыттары сахалыы аһынан-үөлүнэн күндүлээтилэр. Сылаас алаадьы, ис миинэ, үүттээх итии чэй тардылынна.
Сахалыы кэнсиэр түһүлгэтигэр : ырыаһыт, “Дуораан” бөлөх солиһа Н.Прокопьев; музыкальнай кэллиэс үөрэнээччилэрэ, “Дьэ-буо” этно-фолк группа солистара, Ефим Авелов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссера Валентина Якимец салайааччылаах бөлөх, бу тыйаатыр артыыската Татьяна Хомподоева (В.Потапова хоһооннорун аахта), “Махтал”, “Кэрэ эйгэ” Е.Новикова, М.Соловьева салайааччылардаах үҥкүү ансаамбыллара, Г.Г.Федорова салайааччылаах “Тойук” түмсүү норуот ырыаларын толордулар, виртуоз-хомусчут Артур Семенов о.д.а. кытыннылар.
Онтон саха балаҕаныгар көмүлүөк оһоҕу оттон алаадьылаах итии чэй иһэн баран, “Остуоруйа кэрэ эйгэтэ” диэн остуоруйалаһыы күрэхтэһиитэ буолла. Манна саха остуоруйатыттан саҕалаан дьоппуон омук норуотун остуоруйатын кытта иһиттибит. 1 миэстэни ИЯКН ЛТ-22 устудьуона Уйгулаана Слепцова “Светлячок” диэн дьоппуон омук остуоруйатын олус иһирэхтик кэпсээн ылла. Басыгысов Юрий Николаевич “Чыычаахтар хайдах ыллыыр буолбуттарай” диэн бэйэтэ айбыт остуоруйатын, Кононова Мария Николаевна “Куобах хайдах кутуруга суох буолбутай?”диэн саха остуоруйатын, Андросова Людмила Афанасьевна “Кэҕэ буолан көтөн хаалар ийэ” туһунан остуоруйаны, биһиги музейбыт үлэһитэ, саха норуодунай суруйааччыта Иван Гоголев кыыһа, суруйааччы Анна Ивановна Гоголева “Три совета” диэн бэйэтэ айбыт остуоруйатын, Таатта Дьохсоҕонуттан Арылахова Галина Егоровна “Кутуйахчаан маҥан хаар устун айана” хотугу норуоттар остуоруйаларын, биһиги музейбыт доҕоро Желобцова Зоя Константиновна бары таптаан истэр, билэр “Таал-Таал эмээхсин туһунан” остуоруйабытын кэпсээтэ. Манна кыттыбыт дьоммутугар барыларыгар махтанабыт.
Ону сэргэ, бүгүн суруйааччылар түмсэннэр автограф-сессия буолла, ааҕааччылардыын хаартыскаҕа түстүлэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ сылдьыбыт ыалдьыттарбыт музейбыт араас муннуктарыгар – Алампа хатыҥ ыскамыайкатыттан саҕалаан, саха балаҕаныгар, мемориальнай музей-дьиэҕэ хаартыскаҕа түстүлэр.
Музей күнүгэр, музейбыт тэлгэһэтигэр кэнсиэргэ кыттыбыт, ыалдьыттаан ааспыт бары дьоммутугар, көрөөччүлэрбитигэр махтанабыт. Уонна ыам ыйын 20 күнүгэр, субуотаҕа, “Музейбыт бастыҥ экспонаттарын” туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсэтиигэ, экскурсияҕа ыҥырабыт. Кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ!
Ньургуйаана Халгаева,
быыстапкалыыр салаа үлэһитэ.
Видео ааптар устуута.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…