Судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, саха литературатын төрүттээччи, бэйиэт, прозаик, драматург П.А. Слепцов-Ойуунускай быйыл төрөөбүтэ 130 сылын туолар.
Бу суолталаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин биир дойдулаахтарын түмсүүтэ дьоро киэһэни тэрийдэ. «Дьокуускай куоракка — Чөркөөх күнэ» тэрээһин чэрчитинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ Петр Толстяков аатынан норуот тыйаатырын артыыстарын толорууларыгар Былатыан Ойуунускай үбүлүөйүн көрсө туруорбут «Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин» диэн литературнай дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр.
Онно тыйаатырга оонньуур оҕолор оҕо куйуурдуу турарын көрдөрөн, көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Оттон Ойуунускай оруолун Прокопий Решетников толорон, киин куоракка олорор биир дойдулаахтарын биһирэбилин ылла.
Прокопий Витальевич олохтоох дьаһалтаҕа суоппардыыр эбит. Кини Былатыан Ойуунускай оруолун хайдах толорорун туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:
Кырдьык, Ойуунускай мэтириэтин аттыгар турбутугар, мэктиэтигэр мичээрэ кытта майгынныыр курдук буолла.
Тыйаатыр режиссера Матрена Яковлева самодеятельнай артыыстар үлэлэрин кэнниттэн кэлэн тыйаатырга кытталларын холобурдаан туран, «Кэрэни көрбүт» киинэҕэ эмиэ кыттыбыттарын кэпсээтэ:
Ити курдук, Чөркөөхтөөҕү Петр Толстяков аатынан норуот тыйаатырын артыыстара суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттан, биир дойдулаахтар көрсүһүүлэрин олус киэргэттилэр уонна дириҥ ис хоһоонноотулар.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…