Ойуунускайга аналлаах «Чолбон өй күрэһэ» ыытылынна

Share

Олоҕун бар дьонун туһугар анаабыт саха духуобунай лидерэ, уһулуччулаах судаарыстыбаннай деятель, суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Чолбон өй күрэһэ» оонньуу сэтинньи 9 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар буолан ааста.

Ойуунускай сиэн балта, норуот суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах эппитинии: «Түҥкэтэх үйэҕэ оччотооҕу ыар тутулу булгуруйбат модун санаатынан, сахалыы өһөс майгытынан, туохтан да тоһуттубат илбистээх тылынан, кыра-хара бүттүүн киһи быраабын ылынарын хорсуннук туруулаһан, норуот үйэ тухары ыраламмыт көҥүлүн, сырдыгы, сайдыыны, им балайга муммут хараҕын арыйан, батталлаах олох мууһурбут модьоҕотун тоҕо сүргэйэн, самнары баттаан турбут намыһах өһүөтүн үлтү сынньан урусхаллаан, бэйэтин сирин бас билэн олороругар олоҕун анаабыт» Былатыан Ойуунускай олоҕун уонна айар үлэтин билиигэ күрэс саха тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаалга араас кэмҥэ тахсыбыт ыстатыйаларга олоҕурда. Бу «Чолбон өй күрэһэ» оонньууга Дьокуускай куорат тэрилтэлэрэ уонна устудьуоннар кытыннылар.

Күрэспит кыайыылааҕын аатын Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын учууталларын хамаандата ылла. Санатар буолахха, бу хамаанда Учуутал күнүгэр анаммыт куорат сахалыы оскуолаларын икки ардыларынааҕы оонньууга эмиэ бастаабыттара, онон иккис төгүлүн «Чолбон өй күрэһин» кыайыылааҕын аатын сүктүлэр, — диэн «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов кэпсээтэ.

Иккис миэстэҕэ учууталлартан биир очукуонан хаалан Национальнай библиотека ааҕааччылара таҕыстылар. Бу хамаанда төһүү күүһүнэн миэдик идэлээх дьүөгэлииллэр буоллулар, кинилэр Ойуунускай олоҕун олус үчүгэйдик билэллэринэн сөхтөрдүлэр. Үһүс миэстэни М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун литература салаатын устудьуоннарын хамаандата ыллылар.

Түмүккэ, нарколог быраас Наталья Гаврильевна Слепцова оҕо сылдьан оскуолаҕа хайдах курдук ылларан Ойуунускай хоһоонун үөрэппитин, улуу киһини хаайбыттарын туһунан сураҕы соһуйа ылыммытын, төһө да сыллар аасталлар айылҕа кэрэ көстүүтүн көрдөҕүнэ, туохтан эрэ олус үөрдэҕинэ өйүгэр Платон Алексеевич айымньыларын тыллара киирэн кэлэллэрин кэпсээтэ. Итиэннэ эдэр көлүөнэҕэ Былатыан Ойуунускай айар үлэтин хорутуулаахтык үөрэтэллэригэр баҕа санаатын эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Лев Павлов — «2024 сыл бастыҥ спорстмена»

Арассыыйа успуордун  маастара, 2024 сыллааҕы Арассыыйа чөмпүйүөнээтин үрүҥ көмүс призера,  Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду первенствотын…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago