Ойуур баһаара — былаас хонтуруолугар
Былаас уорганнарын ураты болҕомтолорун уурар сирдэригэр нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас 10 ойуур баһаара баара биллэр.
Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. Ол курдук, от ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, Өлүөхүмэ оройуонугар 3, Ленскэй — 2, Алдаҥҥа, Томпо, Мииринэй, Бүлүү, Нерюнгри оройуоннарыгар биирдии ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
«10 уон баһаартан 2-тэ умуруорулунна (Өлүөхүмэ оройуонун Куду-Күөлүгэр уонна Томпотооҕу Теплай Ключ). Үгүс баһаардар уулаах сиринэн нэһилиэнньэлээх пуунтан ыраах бааллар, ол иһин кутталы үөскэппэттэр, ”, — диэн иһитиннэрдэ Дмитрий Садовников.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, Өлүөхүмэ оройуонун Бэс Күөлэ нэһилиэгин аттыгар балаһыанньа уустук. Күн-дьыл туруга көҥүллээтэҕинэ, Be-200 ChS амфибия сөмөлүөтэ онно көтүөҕэ. Биир баһаар «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа бэлиэтэннэ. Ойуур баһаардара сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ соҕуруу уонна соҕуруулуу-илин өттүгэр, киһи кыайан тиийбэт уонна ыраах сирдэргэ бааллар. Бүгүҥҥү туругунан, баһаары умуруорууга 1,5 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир, онтон 600-чэ баһаарынайы атын улуустартан аҕалаллар. Бөлөҕү бөҕөргөтүү салҕанар, ол иһигэр биллэриллибит федеральнай ыксаллаах быһыы-майгы чэрчитинэн эмиэ үлэ барар.
Авиация үлэтин салгыыр. Бүгүҥҥү күҥҥэ авиапатрулга 17 сөмөлүөт, оттон баһаарынай үлэҕэ 8 сөмөлүөт үлэлиир. «Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа Ан-26 “Атмосфера” звуковой сөмөлүөтэ Өлүөхүмэ уонна Горнай оройуоннарыгар, оттон “Авиалесоохрана” ФБУ Ан-26 “Циклон” сөмөлүөтэ Уус Маайаҕа көппүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: