Ойуур баһаара — былаас хонтуруолугар

Share

Былаас уорганнарын ураты болҕомтолорун уурар сирдэригэр нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас 10 ойуур баһаара баара биллэр. 

Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. Ол курдук, от ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, Өлүөхүмэ оройуонугар  3, Ленскэй — 2, Алдаҥҥа, Томпо, Мииринэй, Бүлүү, Нерюнгри оройуоннарыгар биирдии ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

«10 уон баһаартан 2-тэ умуруорулунна (Өлүөхүмэ оройуонун  Куду-Күөлүгэр уонна Томпотооҕу Теплай Ключ). Үгүс баһаардар уулаах сиринэн нэһилиэнньэлээх пуунтан ыраах бааллар,  ол иһин кутталы үөскэппэттэр, ”, — диэн иһитиннэрдэ Дмитрий Садовников.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы иһитиннэрбитинэн,  Өлүөхүмэ оройуонун Бэс Күөлэ нэһилиэгин аттыгар балаһыанньа уустук. Күн-дьыл туруга көҥүллээтэҕинэ, Be-200 ChS амфибия сөмөлүөтэ онно көтүөҕэ. Биир баһаар «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа бэлиэтэннэ. Ойуур баһаардара сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ соҕуруу уонна соҕуруулуу-илин өттүгэр, киһи кыайан тиийбэт уонна ыраах сирдэргэ бааллар. Бүгүҥҥү туругунан, баһаары умуруорууга 1,5 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир, онтон 600-чэ баһаарынайы атын улуустартан аҕалаллар. Бөлөҕү бөҕөргөтүү салҕанар, ол иһигэр биллэриллибит федеральнай ыксаллаах быһыы-майгы чэрчитинэн эмиэ үлэ барар.

Авиация үлэтин салгыыр. Бүгүҥҥү күҥҥэ  авиапатрулга 17 сөмөлүөт, оттон баһаарынай үлэҕэ 8 сөмөлүөт үлэлиир. «Полярнай авиалиниялар» авиахампаанньа Ан-26 “Атмосфера” звуковой сөмөлүөтэ Өлүөхүмэ уонна Горнай оройуоннарыгар, оттон “Авиалесоохрана” ФБУ Ан-26 “Циклон” сөмөлүөтэ  Уус Маайаҕа көппүтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

9 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

11 часов ago