Ойуур баһаардара барылара умуруорулуннулар

Ойуур баһаардара барылара умуруорулуннулар

Ааптар:
11.09.2023, 12:14
Андрей Сорокин (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр турбут бүтэһик икки ойуур баһаарын  умуруордулар.

«Күн-дьыл туруга көмөлөстө.  Ол да буоллар, ыраах тайҕаҕа уоту утары охсуһууга дьон көмөтүнэн баһаардары  умуруордубут. Былырыыҥҥытааҕар балаһыанньа уустук этэ диэххэ наада.  Ойуур баһаардарын утары охсуһууга үлэ тута оҥоһуллан, биир даҕаны нэһилиэнньэлээх пуун, экэниэмикэ эбийиэктэрэ эмсэҕэлээбэтилэр», – диэтэ бастакы  вице-премьер Дмитрий Садовников.

Дмитрий Садовников  парашютистарга,  десантниктарга, быыһааччыларга, диспетчердарга,  суоппардарга, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ.

Санатан эттэххэ, бу сааскыттан саҕалаан Саха сиригэр уопсайа 1,4 мөл. га иэннээх 823 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 мая
  • 8°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 25% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: