Салгыы
Ойуур баһаардарын кэннэ улахан уу кэлэр

Ойуур баһаардарын кэннэ улахан уу кэлэр

16.04.2023, 11:00
Хаартыска: СИА, Андрей Сорокин түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт Саха сиригэр буола турар ыксаллаах быһыыга-майгыга бэйэтин боломуочуйатын уонна сыалын-соругун быһыытынан, онно туһааннаах тэрилтэлэри түмэн, былааннаан сааскы халаан кэмигэр үөскүүр ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыыга үлэлиир. Кэмитиэт  билигин саас кэлбитинэн, халааҥҥа күүскэ ылсан, бэлэмнэнэр, сэрэтэр үлэни ыытар. Бүгүн уу тэрилтэтигэр өр сылларга үлэлээбит, СӨ Нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы

Иннокентий Андросовы кытары халаан туһунан кэпсэттибит.

– Саха сирин өрүстэригэр сааскы угут уонна халаан өр кэмҥэ ааһарынан уратылаах. Өрүс эстиитэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ыам ыйын 4-5 күннэриттэн саҕаланар уонна Хотугу муустаах муораҕа түһүөр диэри 40-ча күн салҕанан барар. Онно сылы эргиччи ити хайысхаҕа үлэлии­бит. Аҥаардас сааскы халаан уутун ыллахха итинник, онно ойуур баһаарын, онтон да атын ыксаллаах быһыыны-майгыны эптэххэ, киэҥ хабааннаах үлэ барар.

– Дьон билигин билгэһиттэри итэҕэйэр буолла? Официальнай тэрилтэ уонна норуот билгэһитэ Тускул тус-туспа чахчылары этэллэр…

– Айылҕаттан да айдарыылаах, анал да үөрэхтээх дьон өр кэмҥэ кэтээн көрөн билгэлииллэр. Тускул, мин билэрбинэн, географ үөрэхтээх, онон халлааны, куйаары, күнү-дьылы тэҥнээн көрөр. Дьиҥэ, интэриниэт ситимигэр күн-дьыл туругун туһунан барыта баар, ону сөпкө, дьоҥҥо чугаһатан, тии­­йимтиэ гынан ырытан биэрэр. Урут да, билигин да билгэһиттэр бааллар. Мин урут Максим Николаевич Сибирякову уонна Мэҥэ Арамаанын сэргээн, кэтээн көрөрүм. Кинилэр ик­­киэн айылҕаны өр кэмҥэ кэтээн көрөн, сөпкө билгэ­лииллэрэ.

Кырдьык, дьон аныгы кэм билгэһитин Тускулу ылынар, дьоҥҥо тиийимтиэ гына суру­йарын-саҥарарын сөбүлээн ааҕар-истэр. Холобур, кыһын оскуола оҕолоругар тымныы түһүүтүн, саас-күһүн тыаҕа сылдьар булчуттарга, сайын даачалаах дьоҥҥо, күһүн сир аһын кэмигэр отонньуттарга анаан суруйарын дьон ылынар. Кини этэрэ үгүстүк туолар. Холобур, күн-ый, сулус­тар алтыһыыларын, саамай үрдүк кэмэ буоларын, онон хаан-тымыр ыарыылаах дьон сэрэхтээх буолалларын сэрэтэн этэр. Бэйэтигэр туһалааҕы киһи чугастык ылынар. Оттон официальнай судаарыстыбаннай уорганнар ону ырыҥалыыр бырааптара суох. Холобур, Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр тэрилтэ бэйэтин боломуочуйатынан кээмэйдээбит чахчыларын эрэ биэрэр, хаар, муус халыҥнара, сөҥүү түһүүтэ бачча диэн. Онон дьоҥҥо тиийимтиэтэ суох. Ол иһин нэһилиэнньэ норуот билгэһиттэрин сэҥээрэр.

Биһиги үлэбитинэн араас нэһилиэктэргэ, улуустарга элбэхтик сылдьабыт, онно көрдөххө, биирдиилээн биллибэт-көстүбэт, ол гынан баран сөпкө этэр билгэһиттэр эмиэ бааллар. Кинилэр эппиттэрэ, киһи сөҕүөн курдук, туолааччы.

Быйыл хаар, муус халыҥын туһунан бары этэллэр. Ол гынан баран, итини маннык диэн сыаналыахха наада, ча­­раас хаартан аҕыйах уу, халыҥ хаартан элбэх уу тахсар. Өссө биир өйдөбүл баар, хаарга уу саппааһа эбэтэр хаар төһө уулааҕа диэн. Быйыл, кырдьык, элбэх хаардаах дьыл буолла. Хаар дьиппинийэн халыҥнык сытар, уута эмиэ элбэх буолуо.

– Оттон эн санааҕар хайдах буолуой?

– Сааһым тухары айылҕа, уу хаһаайыстыбатыгар үлэлээн кэлбит киһи быһыытынан, мин санаабар, өрүс эстиитигэр, көмүөл хамсааһыныгар уонна угут кэлиитигэр элбэх сабыдыаллыыр төрүөттэр бааллар. Холобур, Ленскэй куорат 2001 сыллаахха ууга барбытыгар Судаарыстыбаннай гидрологическай институт учуонайдара улахан отчуот оҥорбуттара, онно 60 сабыдыаллыыр төрүөт баарын ыйбыттара. Онон көрдөххө, төттөрүтүн улаханнык ууга былдьатыы буолуон сөбүн этэр төрүөттэр бааллар. Ону быһаарыам.

Бастатан туран, ааспыт күһүн элбэх ардахтаах этэ уонна ол түмүгэр өрүстэрбит, үрэхтэрбит бары толору ­уулаах тоҥмуттара. Итинник көстүү өтөрүнэн буола илигэ. Улахан эбэлэрбит Өлүөнэ, Алдан үрдүк уулаах, муустара эмиэ үрдүк таһымҥа тоҥмуттара. Онон быйыл өрүстэргэ мууспут маассата элбэх диэххэ наада.

Иккиһинэн, Өлүөнэ тардыытын ууга салалтата кэтээн көрөрүнэн, ойуур баһаарын кэнниттэн икки-үс сыл кэннэ улахан уу кэлэр эбит. Тоҕо диэтэххэ, умайбыт сир анны­нааҕы мууһа ирэн, элбэх уу мунньуллан киирэр, инньэ гынан үрэхтэр, өрүстэр элбэх уулаах тоҥмуттара ону туоһулуур. Икки сыллааҕы улахан баһаардар кэннилэриттэн былырыын тыа сүнньүнэн хайалар тэллэхтэринэн умайда, бу сайыммыт иккис сыла буолла. Ол аата, быйыл онтубут сөп түбэһэр.

Үсүһүнэн, муус халыҥын көрүөххэ. Дьиҥэ хаардаах буол­лаҕына, мууһа чараас буолара. Ол гынан баран, Гидромет чахчыларынан, холобура, Өлүөхүмэҕэ муус халыҥа 120 см буолан турар, урут 80-ча см буолара. Эбэтэр Ленскэйгэ муус халыҥа былырыын нуормаҕа ырааҕынан тиийбэт этэ, билигин кыранан тиийбэт. Алдан төрдө эмиэ, Халыма өрүс Орто Халыматтан Зырянкаҕа диэри, Бүлүү эмиэ халыҥнар. Онон быйыл муус чараас диэн этэр сыыһа.

– Сааһыҥ тухары уу хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит киһи санааҥ?

– Быйыл даҕаны, мэлдьи харыы тахсар сирдэригэр муус халыҥ. Аны хаар саппаа­һын туһунан эттэххэ, кэнники нуорматтан таһынан сөҥүү түстэ. Гидромет 7-8 см диир, онто миэстэтинэн 10 см буолар. Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээн көрдөххө, каартаҕа Саха сирин аҥаара кытарда (бэлиэ), ол аата нуорматтан таһынан элбэх, эбэтэр муҥутуур элбэх диэн. Холобур, Анаабыр, Өлөөн өрүстэр тардыылара, Өлүөнэ сүнньэ Ленскэйинэн, Өлүөхүмэнэн, Хаҥалаһынан, Алдан, Амма баһынан барыта кытарда. Бүлүү барыта кытаран эрэр. Өрүс илин эҥэринээҕи улуус­тарга эмиэ элбэх хаардаах. Ол аата, халыҥ хаартан элбэх уу кэлэр диэн буолар. Онон ити эппит, айылҕаны кытары сибээс­тээх, сааскы халаан быйыл уустук уонна өрүстэрбит эстиилэрэ, муус барыыта сүрдээх эрэйдээх буолара буолуо диэн сөпкө этэллэр. Арааһа, ыксаллаах быһыыга-майгыга тириэрдэрэ буолуо. Гидромет харыы тахсыан сөп диэн этэр. Мин өйдүүрбүнэн, муус харыыта суох сыл биирдэ даҕаны ааһа илик. Былырыын, киһи соһу­йуон, Халыма өрүс харбакка барбыта, быйыл харар чинчилээх. Оттон Өлүөнэ өрүскэ саҥаттан саҥа харар сирдэр көстөн иһэллэр. Быйыл кыратык даҕаны хардаҕына, уу кэлиитэ түргэн буолуо, тоҕо диэтэххэ, уубут элбэх.

Аны туран, Иркутскай өттүгэр хаара кыра дииллэр. Ол аата, бэрт эрэйинэн, уутун мунньа-мунньа, аллараа диэки  кэлэригэр Ленскэй үөһээ өттүгэр Половиннай диэн арыыга эбэтэр аллараа өттүгэр Батамай арыытыгар хайаан да харан туруохтаах. Онно төһө өр турарыттан көрөн сөптөөх ырытыы оҥоһуллуон сөп. Сүнньүнэн, Өлүөнэ өрүс орто тардыытыгар (сүүрүгэр) муус хаамыытын уонна хайдах устуутун Өлүөхүмэ өрүс быһаарар. Тоҕо диэтэххэ, кини салаа­та Тээнэ үрэх кэлиҥҥи сылларга маҥнайгынан эстээччи. Өлүөхүмэ уутун мунньан, хара-хара кэлэн Өлүөнэ эбэ уутун кытта холбоһоругар инникилиирэ эбэтэр уутун хо­­йутаан киллэрэриттэн, онтон тутулуктаах. Итини таһынан, күн-дьыл итийиитинэн уонна хаары тыал төһө көтүппүтүнэн, уу киириитинэн киһи суоттаан билэр. Хаҥаласка кыра, орто, улахан уу иһэр, онон Дьокуускайга, Намҥа маннык буолуо диэн киһи этиэн сөп. Оттон Амма, Алдан өрүстэргэ уу төһө таһымнаах иһэриттэн киһи син дэбигис сирдэтэр.

– Нэһилиэнньэ эрдэттэн дьаһаныан наада…

– Биһиги нэһилиэк, улуус баһылыктарын кытары ыкса үлэлиибит. Социальнай ситимҥэ бөлөх оҥорон, барыларын онно киллэрэн, чахчылары көрө-билэ оло­руохпут. Быйыл сааскы угуттан дьон сэрэниэн наада. Олохтоох дьаһалталар Бырабыыталыстыба сааскы халаан уутун аһарыы уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга дьаһаныы туһунан дьаһалын, кинилэргэ туһааннаах ыстатыйалар пууннарын үчүгэйдик көрөн үлэ ыытыахтаахтар. Быйыл сааскы халаан дьаһала тохсунньу 23 күнүгэр тахсыбыта. Өлүөнэ тардыытын Ууга салалтата хараардыы, эрбээһин үлэлэрин саҕалаан, ыыта сылдьаллар,  итиэннэ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэрис­тибэтин былаанынан, бииргэ хамаанданан үөрэхтэри ыыта сылдьабыт. Быйылгы ха­­лаан уустук буолара сабаҕаланарынан, дьон-сэргэ бэлэм буо­луон наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: