Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Ил Дарханныын кэпсэтиигэ былырыын баччаларга РФ Бэрэсидьиэнэ В. Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын туһунан бэлиэтэннэ.
Кини туруорбут соруктара хайдах туолан эрэллэрий? Кэпсэтии сүрүнэ итиннэ туһаайылынна. Ил Дархан Айсен Николаев кэпсэтиигэ ойуур баһаардарын боппуруоһугар тохтоото.
—Ойуур баһаардарын утары охсуһуу боппуруоһугар көрсөн кэпсэтиигэ этэн турабын, биһиги улахан эрэгийиэммитигэр сайыҥҥы курааҥҥа баһаардар син биир тахса тураллар. Ону утары кыахпыт баарынан охсуһабыт. Ол гынан баран, хомойуох иһин, биһиэхэ харчыны куруук сыл бүтэһик күнүгэр аахсаллар. Сыл инниттэн бачча харчы кэлиэхтээх диэн эрдэттэн былааннанара буоллар, чопчу үлэни тэрийиигэ да ордук буолуо этэ диэн эппитим. Түөрт сылы быһа улахан баһаардары утары охсуһуу хайдах ыытыллыбытын ахтыбытым. Өйөөҥ диэн көрдөспүтүм.
Арассыыйа бүддьүөтэ уустуктары көрсө олорбутун да иһин, биһиэхэ үбүлээһини икки аҥаар төгүл улаатыннаран, билигин биһиги ойуур уотун утары охсуһарга ордук күүстээх бэлэмнээхпит. Бэрэсидьиэммит кэлэ сылдьан сүрдээх элбэх туһалаах быһаарыылары ылан, кэнники уонунан да сылларга ити көмөлөһүө диэн эрэллээхпин.
СӨ ИДьМ Хаҥалас улууһунааҕы отделын дьуһуурунай чааһыгар маҕаһыын дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ табаар уонна каассаттан харчы уоруллубутун…
Ахсынньы 19 күнэ -- Кыһыҥҥы Ньукуолун. Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа үгэс быһыытынан алаадьылыыллар. Бу ыйга дьон үксүгэр…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа лииньийэни кытта холбоһуктаах улахан пресс-кэмпириэнсийэтэ бүгүн Москваҕа Гостинай дворга буолуоҕа.…
Быйыл Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ "Эйэ" түөлбэ тэриллибитэ түөрт сылын туолла. Бу 4 сыл тухары биһиги…
Өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин дэлэгээттэрин ортотугар ыччат дьокутаат элбээн эрэрэ хайҕаллаах…
Бу күннэргэ акыйаан уҥуор балаһыанньа сытыырхайан эрэр. АХШ бэрэсидьиэнэ Эмиэрикэ бобуутугар түбэспит танкердары Венесуэлаҕа киллэрбэппит-таһаарбаппыт,…