Ойуур баһаарын 95% кураанах этиҥтэн
Саха сиригэр ойуур баһаардарын үксэ кураанах этиҥтэн буолалларын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга эттэ.
—Ойуур баһаардарын 95%, бастатан туран кураанах этиҥтэн буолаллар. Оттон 5% дьонтон, билигин буруйдаахтары быһаарыыга үлэ ыытыллар. 18 буруйдаах биллибитэ, — диир Ил Дархан.
Кини от ыйын 29 күнүгэр сарсыарда, 132 ойуур баһаара бэлиэтэнэрин, итинтэн 22 баһаар нэһилиэнньэлээх пуунтан 15 км тэйиччи баалларын, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабатын этэр.
—Ааспыт нэдиэлэҕэ хоту улуустарга балаһыанньа уустук этэ. Абый, Дьааҥы улуустарыгар. Нэһилиэнньэлээх сиртэн 600 м сиргэ баһаар чугаһыы сылдьыбыта. Уоту утары охсуһааччылар дьулуурдаах уонна сөптөөх быһаарыныыларынан, түргэн-тарҕан туттунууларынан баһаардар умуруоруллубуттара. Бүгүҥҥү туругунан 22 баһаар 15 км сиргэ бааллар. Баһаардары умуруорууга үлэ ыытыллар, минерализованнай балаһалар бэлэмнэниллибиттэрэ, уокка утары уот ыытыллыбыта. Ол да буоллар уоскуйбаппыт. Тыал күүһүрдэҕинэ балаһыанньа уларыйыан сөп, — диир кини.
Айсен Николаев уоту 1800-тэн тахса киһи умуруорарын, 100-тэн тахса тиэхиньикэ туһанылларын этэр. Күн ахсын ойуурдары кэтээн көрүүгэ, умуруорууга, эбии күүстэри илдьиигэ 20 тахса салгын аала үлэлиир. Маны сэргэ «Авиалесоохрана» ФБУ, РФ ЫБМ бөртөлүөттэрэ көмөлөһөллөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ үс Бе-200 салгын аала баар. Бу салгын ааллара Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын утары охсуһууга үлэлээбиттэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: