Ойуур баһаарын 95% кураанах этиҥтэн

Share

Саха сиригэр ойуур баһаардарын үксэ кураанах этиҥтэн буолалларын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга эттэ.

—Ойуур баһаардарын 95%, бастатан туран кураанах этиҥтэн буолаллар. Оттон 5% дьонтон,  билигин буруйдаахтары быһаарыыга үлэ ыытыллар. 18 буруйдаах биллибитэ, — диир Ил Дархан.

Кини от ыйын 29 күнүгэр сарсыарда, 132 ойуур баһаара бэлиэтэнэрин, итинтэн  22 баһаар нэһилиэнньэлээх пуунтан 15 км тэйиччи баалларын, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабатын этэр.

Ааспыт нэдиэлэҕэ хоту улуустарга балаһыанньа уустук этэ. Абый, Дьааҥы улуустарыгар. Нэһилиэнньэлээх сиртэн 600 м сиргэ баһаар чугаһыы сылдьыбыта. Уоту утары охсуһааччылар дьулуурдаах уонна сөптөөх быһаарыныыларынан, түргэн-тарҕан туттунууларынан баһаардар умуруоруллубуттара. Бүгүҥҥү туругунан 22  баһаар 15 км сиргэ бааллар. Баһаардары умуруорууга үлэ ыытыллар, минерализованнай балаһалар бэлэмнэниллибиттэрэ, уокка утары уот ыытыллыбыта. Ол да буоллар уоскуйбаппыт. Тыал күүһүрдэҕинэ балаһыанньа уларыйыан сөп, — диир кини.

Айсен Николаев уоту 1800-тэн тахса киһи умуруорарын, 100-тэн тахса тиэхиньикэ туһанылларын этэр. Күн ахсын ойуурдары кэтээн көрүүгэ, умуруорууга, эбии күүстэри илдьиигэ 20 тахса салгын аала  үлэлиир. Маны сэргэ «Авиалесоохрана» ФБУ, РФ ЫБМ бөртөлүөттэрэ көмөлөһөллөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ үс Бе-200 салгын аала баар. Бу салгын ааллара Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын утары охсуһууга үлэлээбиттэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -51 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -51 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

27 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйи оройуонун олохтоохторо массыынаны уоран барбыттарын иһин ыстараап төлүөхтэрэ

Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Яков Михайлов — «СОФИУМ» Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбардыыр быраап олимпиадатын эрэгийиэннээҕи кыайыылааҕа

Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит?

Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтин үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытары көрүстүлэр

СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Селедкалаах салааты атыннык оҥоруохха

"Саҕынньахтаах селедка" салааты Саҥа дьылга сөбүлээн оҥоробут. Ол эрээри, бу салааты атыннык эмиэ оҥоруохха сөп…

12 часов ago