Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Саха сиригэр ойуур баһаардарын үс төгүл аччатыыны ааспыт сууккаҕа ситистилэр. Өскөтүн бэҕэһээ уот сиэбит иэнэ 208 тыһ. гектар буоллаҕына, бүгүн 60 тыһ. диэри аччаата.
Суукка саҕаланыытыгар 60 тыһ. гектарга ойуур 39 баһаара баар. Билигин 21 баһаары умулларалkар. 2021 сыл бу кэмигэр 96 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.
Билигин Алдан, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Муома, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Томпо оройуоннарыгар үлэ ыытыллар. Дьааҥыга 1 уонна Өлүөхүмэ оройуонугар 8 баһаар бохсулунна. Умулларыыга 440 киһи уонна 8 тиэхиньикэ кыттар. Уон биир оройуоҥҥа баһаартан ураты эрэсиим олохтоммута.
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр үрдүк кылаастаах 4 баһаар Дьааҥыга, Өймөкөөн, Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка, 5 кылаастаах баһаар куттала Нам оройуонугар бэлиэтэнэр.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Саха сиригэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Судаарыстыбаннай сулууспатын бырайыага - "Саха сиригэр үлэлээ" бэстибээл 2025 с. ыччат…
Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл буолуон эндэппэккэ билэллэрэ. Айылҕа араас көстүүтүн, оту-маһы, кыылы-сүөлү кэтээн көрөллөрүн туһунан элбэхтэ…
Горнай улууһун Маҕарас сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох ыаллара, 34 саастаах Саргылаана уонна Айтал Никаноровтар “Дьиэ кэргэн-2025”…
Сэтинньи 4-6 күннэригэр Дьокуускайга фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи III пуорум буолаары турар. Дьокуускайга "Норуот уонна аармыйа…
Арассыыйа бэрэсидиэньэ Владимир Путин көҕүлээһининэн Саха сиригэр култуура эйгэтэ сайдар. «Симэх» национальнай киин бэрэсидьиэн Гранынан…
А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар сомоҕолоһууларын дьиэтигэр "Эйэ туһугар норуоттар сомоҕолоһуулара" Ыччат пуорума буолла. Тэрээһиҥҥэ ыччат…