Ойуур баһаарын умуруора икки эрэгийиэнтэн 55 парашютист кэллэ
Саха сиригэр Амурскай уобаластан уонна Хабаровскай кыраайтан эбии күүс — 55 киһи кэллэ диэн брифиҥҥэ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
“Хабаровскай кыраайтан кэлбит парашютнай-десантнай сулууспа 25 киһитин Сунтаар баһаардарын умулуннара ыыттыбыт, оттон Амурскай уобалас 30 киһитин — Ленскэйгэ”, – диэн бэлиэтээтэ Андрей Коноплев. Уустук балаһыанньа Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Сунтаар уонна Горнай улуустарыгар буолан эрэрин тоһоҕолоон эттэ.
Баһаары умуруорууга 1757 киһи уонна 198 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Бэҕэһээ Ан-26 “Атмосфера” зондировщик-сөмөлүөт Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбит. Ааспыт сууккаҕа 4 баһаары Алдан, Эдьигээн, Өлүөхүмэ уонна Сунтаар улуустарыгар умуруорбуттар. Дьааҥы, Горнай, Ленскэй, Мииринэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 7 ойуур баһаара бохсуллубут.
Улуус таһымнаах ЫБМ эрэһиимэ Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: