Ойуур баһаарын умуруорууга 1474 киһи үлэлиир

Share

Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорууга 1474 киһи үлэлиирин туһунан бүгүн Ойууру кэтээн көрүүгэ, харыстааһыҥҥа  департаменын салайааччы  Алексей Гоголев иһитиннэрдэ. 

Умуруорууга анал 43 тиэхиньикэ үлэлиир. Ону тэҥэ, 10 көтөр аал ойуур баһаардара ханан туран эрэллэрин көрөр-истэр, 8 бөртөлүөт умуруорууга үлэлиир. Ааспыт сууккаҕа 12 ойуур баһаара умуруоруллубут, барыта 2 614,7 гектар иэннээх. Эбии 16 ойуур баһаара турбута биллибит. Онон билиҥҥи туругунан 118 ойуур баһаара күөх дуолбутун мэҥиэстэр, барыта 253 115,1 гектарга тэҥнэһэр. Билигин 57 ойуур баһаара умуруоруллар. Мантан биир бохсуллубут.

Суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, ойуур баһаара турар сезон саҕаланыытыттан 699 уот турбут, ол барыта 1 353 613,4 гектарга тэҥнэһэр. 2021 сылга бу кэмҥэ 1422 ойуур баһаара турбута биллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago