Ойуур баһаарын утары охсуһааччы — Николай Копырин
Түөрт саастаах кырачаан уол саҥа тутулла турар дьиэ кырыыһа туруохтаах атахтарынан хатаастан саамай чыпчаалга тахсан хаһыаттан оҥостубут парашютунан ыстанаары дьонун улаханнык куттаабыт. Хата, дьоно аймаммакка, оҕону соһуппакка, албыннаан нэһиилэ аллараа түһэрбиттэр. Онон кыра сааһыттан үөһээнэн ытта үөрэммит Коля кэлин хаһыаттан оҥоһуллубутунан буолбакка, дьиҥнээх парашютунан үгүстүк ыстанан ойуур баһаарын утары охсуһар төһүү үлэһит буола үүммүтэ.
«Авиалесоохрана» тэрилтэ Дьокуускайдааҕы авиа-салаатын старшай наблюдатель лүөччүгэ Николай Копырин – биһиги хаһыаппыт ыалдьыта. Кини Уус Алдан улууһун Бороҕонуттан төрүттээх.
150 ЭБИИ ЫСТААТ
– Биһиги үлэбит сүрүн сүнньүнэн ойуур баһаарын утары үлэ буолар, баһаартан харыстааһын уонна кэтээн көрүү. Быйылгы үлэни сырдатар буоллахха, олунньуттан кыралаан ойуур баһаарын сезонугар бэлэмнэнэн саҕалаабыппыт. Көтөр (летнай) састааптан саҕалаан байыастарга тиийэ бары мэдиссиинэ хамыыһыйатын ааспыппыт. Ону сэргэ байыастарбыт үлэбит хайысхатыгар төһө билиилээхтэрин бигэргэтэр эксээмэн туттарбыттара уонна сиргэ бэлэмнэнииттэн саҕалаан дьэ, көҥүл ылан, МИ-8 бөртөлүөттэн быанан түһүүлэрин уонна АН-2 сөмөлүөттэн парашютунан ыстаныыларын түмүктээбиттэрэ. Бу дьарыкпыт сыала-соруга – уһун кэмнээх уоппуска кэнниттэн үөрүйэҕи сүтэрбэт туһугар диэн буолар. Быйыл үлэбитигэр тахсыбыт уларыйыылар туһунан сырдатар буоллахха, тэрилтэбитигэр эбии ыстаат көрөннөр, 150 киһини үлэҕэ ыллыбыт, онтон мин салаабар – 15 исписэлиис. Билиҥҥи туругунан, салаабар 60 парашютист-десантник байыастанан элбээн олоробут. Уолаттар мэдиссиинэ хамыыһыйатын ааһан, үөрэхтэрин этэҥҥэ түмүктээн, эксээмэннэрин туттаран салгыҥҥа дьарыктана сылдьаллар.
ОЙУУР БАҺААРЫГАР БЭЛЭМНЭНИИ
– Ойуур баһаарын сезонугар биһиэхэ сүрүн бэлэмнэниибит дьэ, буолар. Сезон саҕана байыастар 100% бэлэм буолаллара ирдэнэр. Маны сэргэ тэрилтэлэргэ, оскуола оҕолоругар баһаары утары сэрэтэр үлэлэр ыытыллаллар. Биһиги Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун кытта ыкса үлэлэһэбит. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөрэнэр устудьуоннарга “аһаҕас ааннары” тэрийэн, ойуур баһаарыгар үлэлиир байыастар туттар малларын-салларын, тэриллэрин, парашюттары көрөллөр-истэллэр. Биһиги кинилэргэ ойуур баһаарын утары хайдах үлэлиирбитин сиһилии сырдатабыт. Дьокуускайдааҕы авиасалаабыт кэтээн көрөр-истэр сиринэн-уотунан Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустара уонна Дьокуускай куорат буолар. Быйылгы дьылга үлэбит сезонун саҕалыырга бэлэммит. Ойуур баһаарыгар көтөр аалларбытын авиа-хампаанньалары кытта дуогабар түһэрсэн арыандаҕа ылабыт.
ХОРСУН БУОЛУУНУ ИРДИИР ИДЭ
– Үлэлии сырыттахха, араас быһыы-майгы тахсааччы. Ол курдук, Горнай улууһугар баһаарга үлэлии сырыттахпытына, ыксаллаах түгэн буолан ылбыта. Табор диэн малбыт-салбыт, аспыт-үөлбүт ууруллар сирин ааттыыбыт. Онно хайаан да биир киһи хаалыахтаах. Арай ойуур баһаарын умуллара сырыттахпытына, тыалбыт хайысхата уларыйан, уоппут аны кэтэхпититтэн барда. Ол эргийэн таборбытыгар кэлэн аспытын-үөлбүтүн былдьыы сыһан турардаах. Хата, онно кэтээччинэн хаалбыт уолбут сүүрэн кэлэн тыллаан, чугас соҕус сылдьар буоламмыт, малбытын-салбытын былдьаппатахпыт. Туох да көстүбэт ыыс-быдаан буруо быыһынан сиргэ сытан тыын ыла-ыла өрүһүйэн турардаахпыт. Хас да сыллааҕыта Кэбээйи улууһун Сангаарыгар эмиэ баһаарга үлэлии сылдьан тыатааҕыга түбэһэн турардаахпыт. Киэһэ үлэлээн кэлэн баран аһыы олордохпутуна, биир уолбут баулларбытыттан килиэп ыла барбыта уонна сирэйэ кубарыйан, саҥата иһиттэн тахсыбат буолан кэлбитэ. Туох буолбутун дьиктиргээн ыйытарбытын саҥарбат. Бауллары эрэ ыйар. Өйдөөн көрбүппүт, килиэптээх баулларбыт таһыгар тыатааҕы сылдьар эбит. Ону ыбылы хаһыытаан, иһити-хомуоһу тыаһатан кыйдаабыппыт. Дьэ, итинник үлэ кэмигэр араас түгэннэр буолаллар. Ол да буоллар, үлэбит олус умсугутуулаах. Баһаарынай буоларга киһиттэн, саамай сүрүнэ, эппиэтинэстээх уонна хорсун буолуу ирдэнэр. Ыксаллаах быһыыга-майгыга уолуйбакка, холкутук түргэн быһаарыныыны ылыныы уонна дьону кытта уопсай тылы булуу бу идэҕэ ирдэнэр сүрүн хаачыстыбалар буолаллар.
КЭЛЭР САЙЫН БИЛГЭТЭ
– Кэлэр сайын билгэтин биһиги чопчу этэр кыахпыт суох. Сахабыт сирин иэнэ киэҥэ бэрт буоллаҕа. Тус көрүүбүн этэр буоллахха, ыам ыйа чуумпу соҕустук ааһыаҕа. Элбэх нэһилиэнньэлээх киин улуустарга ойуур баһаардара тахсыахтарын сөп. Онон дьон-сэргэ айылҕаҕа сылдьарыгар болҕомтолоох уонна харыстабыллаах сыһыаннаах буолуон наада. Ордук ханнык оройуоннарга ойуур баһаара туруон сөбүн киһи сатаан билгэлээбэт. Онон, биһиги барытыгар бэлэм буоларбыт ирдэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: