Ойуур уотун умуруорууга 1300-тэн тахса киһи үлэлиир

Share

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр уопсайа 168,2 га иэннээх сиринэн 5 ойуур баһаара умуруоруллубут. Оттон 1 163 га иэннээх сири хаппыт 21 ойуур баһаара булуллубут.

Күн саҕаланыаҕыттан 114 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 182 597,7 га) баара бэлиэтэнэр. Ол курдук, 28 – Уус Маайаҕа, 25 – Алдан оройуонугар, 23 – Өлүөхүмэҕэ, 15 – Үөһээ Халымаҕа, 10 – Нерюнгрига, үстүү – Кэбээйи, Муома оройуоннарыгар, иккилии – Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа, биирдии – Дьааҥыга, Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга буолара ыйыллар.

Бэлиэтэнэринэн 149 574,7 га иэннээх сиринэн 53 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар. Итинтэн 1601 га иэннээх сиринэн 4 баһаар бохсуллубут.

Ойуур уотун умуруорууга 1 367 киһи, 37 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, баһаары утары охсуһуу сезона саҕаланыаҕыттан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 683 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1,2 мөл га) бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ 1407 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 5,7 мөл га) бэлиэтэнэн турар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

58 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

6 часов ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күннээҕи гороскоп: ахсынньы 21 күнэ

Бүгүн Күн салайар күнэ — өрөбүл. Онон айар-тутар эрчим, үөрүү-көтүү уонна сырдык баһылыаҕа. Онуоха эбии,…

7 часов ago