Салгыы
Ойуур уотун умуруорууга 400 киһи үлэлиир

Ойуур уотун умуруорууга 400 киһи үлэлиир

Ааптар:
22.08.2023, 12:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна.
Бөлөххө киир:

Күн саҕаланыаҕыттан,  10 730 га иэннээх сири хаппыт 9 ойуур баһаара умуруоруллубут. Биир ойуур баһаара ( 0,5 га) булуллубут.

Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Бүгүҥҥү күн туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 15 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 28 841,5 га) бэлиэтэнэр. Итинтэн түөрт баһаар (4 608 га) бохсуллубут. Ландшафтнай баһаар бэлиэтэммэтэх.

Ойуур уотун умуруорууга барыта 400 киһи, биир тиэхиньикэ үлэлиир.

«Суукка устатыгар 3 салгын аала ботурууллааһыҥҥа уонна 5 баһаары умуруорууга үлэлээтилэр. Умуруоруллубут сирдэртэн баһаары умулларыыга үлэлээбиттэри таһаарыы салҕанар«, — диэн этэр Андрей Коноплев.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэн уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Маны сэргэ муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Үөһээ Халыма уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар салҕанар. Атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, Дьааҥы, Үөһээ Халыма уонна Кэбээйи оройуоннарыгар 4-с кылаастаах баһаар кутталын эрэсиимэ турар.

Ойуур баһаардарын кутталлаах сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 769 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 503  479,1 га) бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 1 504 ойуур баһаара (иэнэ 7 509 545 га) бэлиэтэнэн турар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 мая
  • 10°C
  • Ощущается: 8°Влажность: 37% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: