Ойуурга баһаары умуруорууга 800 киһи кэлэн үлэлиир
Саха сиригэр ойуур уотун умуруорууга 800 киһи кэлэн үлэлиир.
«Авиалесоохрана» ФБУ начаалынньыгын солбуйааччы Андрей Ерицов иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр ойуур баһаардарынан балаһыанньа уустук. Бу куйаас күннэр-дьыллар турбуттарыттан уонна от ыйыгар этиҥ элбэҕиттэн буолара ыйыллар. Ол курдук, уустук суоллаах-иистээх ыраах оройуоннарга тэҥҥэ 30 тиийэ уонна онтон да тахса баһаардар буолбуттара бэлиэтэнэр.
«Онон эрэгийиэҥҥэ ойуур уотун умуруорууга күүһү улаатыннарарга Рослесхоз соруйбута. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ көмөҕө федеральнай «Авиалесоохрана» десантник-парашютистарын 800-тэн тахса киһини аҕалбыппыт«, — диэн кэпсиир Андрей Ерицов.
Кини бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур уотун умулларыыга Ми-8 аҕыс бөртөлүөт, ону сэргэ ботурууллааһыҥҥа алта сөмөлүөт үлэлиирин эттэ. Зондировщик сөмөлүөт күн-дьыл туругуттан көрөн оройуоннарга күн ахсын үлэлиирин бэлиэтээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: