Ойуурга уотун умуруорууга 1 795 киһи, 205 тиэхиньикэ үлэлиир
Ойуур уотун умуруорууга 1 795 киһи, 205 тиэхиньикэ үлэлиир.
Бу туһунан брифиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев этэ.
—Уоту утары охсуһааччылар күүстэринэн Горнайга, Ленскэйгэ, Дьааҥыга, Мииринэйгэ, Намҥа уонна Өлүөхүмэҕэ уон баһаар бохсулунна, — диэтэ кини. Маны таһынан, ааспыт сууккаҕа биир ойуур баһаара, биир ландшафтнай баһаар Өлүөхүмэ уонна Усуйаана улуустарыгар умуруоруллубут.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар федеральнай уонна эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: