Ойууругар тииҥнэр, күөлүгэр кустар элбээбиттэр
23.07.2024, 10:29
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Хас да сыл куораттан тэйэ сылдьыбыт киһи сарсыарда аайы Дьокуускай куорат пааркатынан баран иһэн, биири бэлиэтии көрдүм: ойууругар тииҥнэр, күөлүгэр кустар, араас уу көтөрдөрө элбээбиттэр.
Аны үтүө сүрэхтээх куорат дьоно тыа “олохтоохторугар” анаан бэртээхэй уйалары оҥорон ыйыыр буолбуттар. Бу күөлү өссө паарка сиригэр киллэрэн, тупсаҕай көстүүлээн, дьон тыынан устар, сынньанар зонатыгар кубулуппут киһи, куораппыт өссө биир кэрэ-бэлиэ сирдэниэ эбит.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: