Брифинг кэмигэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров балаҕан ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, 380 809 туонна от бэлэмнэннэ диэн иһитиннэрдэ. Бу сыллааҕы былаан 86%-на буолар.
Бүгүҥҥү туругунан, 27 478 туонна (сыллааҕы былаан 91%-на) сиилэс, 12 356 туонна (95%) сенаж бэлэмнэннэ.
Кэбээйи улууһугар 44%, Дьааҥыга – 54%, Бүлүүгэ – 70%, Горнайга – 77% от бэлэмнэнэн, сыллааҕы былаантан хаалыы баар. Бу улуустар сайын халаантан, уһун ардахтартан эмсэҕэлээбиттэрэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин да 84 мобильнай биригээдэ оттуу сылдьар. Кинилэр барыта 53 339 туонна оту оттуохтаахтарыттан, 41 189 туоннаны (77%) кээспиттэр.
Балаҕан ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, 7 223 га сиртэн туораахтаах бурдук хомуллубут. 6587 га иэннээх сиртэн хортуоска хомуллубут (98%).
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…