Оксана Алексеева: «Ийэлэр көмөлөрө салҕанар»

Оксана Алексеева: «Ийэлэр көмөлөрө салҕанар»

Ааптар:
06.12.2022, 19:15
Бөлөххө киир:

Өлөөн улууһун Кирбэй нэһилиэгин “Илькээни” этнокиин салайааччыта Оксана Алексеева оҕото Ийэ дойдутугар ытык иэһин толорон сулууспалыы сылдьар.

Кини ийэлэр быстах байыаннай сулууспаҕа барбыт уолаттарга көмө оҥорон саҕалаабыттарын туһунан иһитиннэрэр:
— Билигин барыбытыгар эппиэттээх кэмнэр. Хас биирдии киһи тугу эмэ туһалааҕы оҥордорбун диир.  Бар дьон өйөбүллэрэ көмүөл күүһүн тэҥэ.
“Саллааттар ийэлэрэ” бөлөҕү кытта билсэ турабын. Быстах хомуурга барар уолаттарга эмтэрин-томторун укталларыгар дьоҕус суумка тигэн ыытыаҕыҥ диэн ыҥырыыларын иилэ хабан, Кирбэй нэһилиэгин ийэлэрин түмэ тардан, бу өрөбүл күннэргэ суумкалары тигэн ыыттыбыт. Иистэнэр матырыйаалбытын “Өлөөн” МУТ тэрилтэтэ босхо биэрэн көмөлөстө. Оттон «Фортуна» маҕаһыын иистэнэргэ наадалаах сээкэйи эмиэ кыра сыанаҕа атыылаан бэйэлэрин кылааттарын киллэристилэр. Нэһилиэк ыҥырыытын Дьэлиҥдэ нэһилиэгин ийэлэрэ эмиэ өйөөтүлэр. Ийэлэр көмөбүт салҕанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: