Октябрина Гаврильева-Мыычаар: «Биллибэт саллаат кэриэһигэр»
Куонкуруспут 25-с кыттааччыта Амма Эмиһиттэн Гаврильева Октябрина Павловна-Мыычаар:
Биллибэт саллаат кэриэһигэр
Хатыҥ мас тулалаах алааһым,
Быраһаай, мин баран эрэбин,
Ол уоттаах сэрииттэн ордоммун
Кэлиэм дуо төрөөбүт алааспар?
Түүйбүтэ буолуо дуо буойуммут
Иннигэр туох күүтэн турарын?
Атын сир буоругар хааларын
Сураҕа суох сүттэ дииллэрин?
Быраһаай, ийэккээм, быраһаай,
Харааста, санааргыы хаалыма.
Хайаан да эргиллэн кэлиэҕим
Эн эрэ этэҥҥэ олороор.
Ийэтин санаатын көтөҕөн
Ис-кута айманан ыларын
Таһыгар таһаарбат, биллэрбэт,
Ийэтин уоскутан мичээрдиир.
Ол курдук хаалбыта мөссүөнэ
Атаара кэлбит дьон хараҕар,
Эйэҕэс элэккэй мичээрэ,
Эдэркээн эрчимнээх бэйэтэ.
Дьылҕа хаан ыйааҕа кытаанах
Дьиэтигэр буойуммут төннүбэт,
Сураҕа суох сүппүт аатырда
Бу сиртэн сурахтыын мэлийдэ.
Умнумаҥ, дойдубут дьонноро
Сэриигэ барбыттар ааттарын,
Өлбөт-сүппэт үйэлээх полкаҕа
Киллэрэн күөрэччи көтөҕүн!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: