Салгыы
Октябрина Кулешова: «Киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах салайааччылаахпытынан киэн туттабын!»

Октябрина Кулешова: «Киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах салайааччылаахпытынан киэн туттабын!»

Ааптар:
30.05.2023, 17:30
Хаартысканы Октябрина Кулешова тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2018 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан анаммыта. Ити кэмтэн ыла төгүрүк биэс сыл ааста. 

Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын салайааччы, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна Октябрина Кулешова санаатын үллэстэр:

— Бу биэс сыл иһигэр харахха да быраҕылларынан элбэх өрүттээх үлэ барда. Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бигэ туруктаах хамсааһын таҕыста. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, үгэс быһыытынан, социальнай эйгэ сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллар. Ийэ буолууну өйүүргэ, төрөөбүт оҕону араҥаччылыырга, дьиэ кэргэн туруктаах буоларын хааччыйарга араас хайысханан бүддьүөккэ сыллата үп-харчы көрүллэн, утумнаах үлэ барар. Бу үлэ үтүө түмүгүнэн демографияҕа көрдөрүүлэр тупсуулара буолар. Ол курдук, киһи ахсаана саҥа оҕо төрүүрүн суотугар улаатарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Арассыыйаҕа сэттис кирбиигэ сылдьар. Ийэ буоларым быһыытынан, бу араас өйөбүллэр баалларын тус бэйэм биһириибин.

Өссө бэлиэтиэм этэ, өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылтан патриоттуу тыыҥҥа иитии бырайыага олоххо киирбитэ. Бырагыраамаҕа үөрэх тэрилтэлэригэр иитии, көҕүлүүр соруктаах патриотизм, волонтерскай хамсааһын, социальнай өттүнэн көхтөөх буолуу, ону таһынан, көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы ураты үлэ барарын, бүгүн оҕону, ыччаты иитиигэ тэрээһиннэр ыытыллалларын, манна ыччат көхтөөхтүк кыттар.

Атын даҕаны тэрээһиннэр үгүстэр. Хас биирдии ыччат билиҥҥи кэмҥэ бэйэтин бырайыагынан араас граннарга кыттыан сөп, улахан өйөбүлү биэрэр Ил Дархаммыт грана, бары өттүнэн киһи сайдыан, олорор сирин тупсарыан сөптөөх хайысхаларынан наарданан олус наадалаах бырайыак буолар. Бу биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Сахабыт сирин инники сайдыытын ыччаттарга эрэнэрин уонна итэҕэйэрин көрдөрөр, туоһулуур.

Ону таһынан бэйэм Ийэ тылбыт симэлийбэтин туһугар уопсастыбанньык быһыытынан үлэлии сылдьар буоламмын, Айсен Сергеевич биир этиитин истэммин наар оҕолорго, ыччаттарга хатылаан этэбин: «Биһиги Ийэ тылбытын билэрбит тухары омук быһыытынан тыыннаахпыт». Ил Дархаммыт ийэ тылын билэрэ, киэҥ эйгэҕэ холобур быһыытынан буолара — киһи киэҥ туттар. Төрөөбүт тылбытын билэрбит тухары омук быһыытынан тыыннаахпыт. Тыл бэлиитикэтин өйүүр, өйдүүр салайааччы баарын тухары биһиги омукпут хаһан да сүтүө суоҕа.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, биллэн турар, бу биэс сыл устата элбэх үлэ ыытылынна. Ол курдук, социальнай суолталаах эбийиэктэр үбүлээһиннэрэ быһаарыллан үлэҕэ киирдилэр: оскуолалар, уһуйааннар, култуура уонна успуорт кииннэрэ. Чуолаан, ыччаттар саамай астынан сылдьар сирдэринэн Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинэ уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр баар «Парус» успуорт киинэ буолаллар. Сотору кэминэн биллэр артыыстар, спортсменнар биһиги улууспутуттан күөрэйэн тахсыахтара дии саныыбын.

Бу барыта тапталлаах Сахабыт сирэ үүнэ-сайда турарыгар Ил Дархаммыт ыытар үлэтэ буолар. Түгэнинэн туһанан, махталбыт муҥура суоҕун биллэрэбит. Хас биирдии эһиги быһаарыыгыт, салайыыгыт биһиэхэ, ыччат дьоҥҥо холобур буолар. Киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах салайааччылаахпытынан киэн туттабыт!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: